Page 7 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 7
итэҕэйбитим: ырыа-тойук мин арахсыспат аргыһым, үөрүүм-
көтүүм, ардыгар, хомолтом уонна дьолум буолуоҕун…
Ааҕыы, ырытыы
АЙХАЛ ЭЙИЭХЭ, ААР ТАЙҔА!
(олоҥхо-тойуктан)
Үһүс ырыа
Оттон мин барахсан
Ойор күммэр сылдьаммын,
Истэр кулгааҕым чуорун саҕана,
Көрөр хараҕым кыраҕытын саҕана,
Төгүрүйэн турар тыабын кытта,
Төрөөбүт айылҕабын кытта
Күн тура-тура көрсүһэр курдук,
Илэ-бодо кэпсэтэр кэриэтэ
Эттиин-хаанныын силбэһэн сылдьар этим,
Куттуун-сүрдүүн холбоһор буоларым,
Тыаны, маһы тыаһатан ааһар
Тыал сипсийэр тылын таайарым,
Сири-дойдуну сэргэҥнэтэр
Силлиэ-буурҕа сэһэнин истэрим,
Үүнэр от-мас тыынар тыынын иһиллиирим,
Тыыннаах айылҕа саҥатын сабаҕалыырым.
Ол онтон барытыттан
Оҕо ыччакка, эһиэхэҕэ,
Тобулу тоһоҕолоон биири кэпсиирбин
Тосхолун тойонноон,
Толкуйдааҥ эрэ,
Тукаларыам!
Арай мин биирдэ,
Аараҕай тайах суладыйбыт
Арбах бэһин эркээйи оҥостон,
Ойуурдааҕы оҕонньор бэлиэтээбит
Орук бэһин дьуолка оҥостон,
Икки сүҥкэн үрэх тардыһыыта
Ындыы сиһи өрө хааман,
Аар тайҕа арҕаһын дабайан,
Ардайдаах тараҕай таас таманнардаах,
7