Page 4 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 4

олугар  — ыйытыыга, сорудахха, эгэлгэ үлэни толорууга сир-
диир тиэмэлэргэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһан үлэлээтэххи-
тинэ, өйгүт-санааҕыт, толкуйгут тобуллуо, өр кэмҥэ сүтэн-си-­
мэ­лийэн хаалбат өйдөбүлгэ, сырдык иэйиигэ кубулуйан, эһиги
киһи быһыытынан олоххо көрүүгүт, майгыгыт, сиэргит олоҕу-
руутугар тирэх буолуохтара. Тус бэйэтэ толкуйдуу, ырыта
үөрэммит киһи ол-бу быстах санааҕа, дьайыыларга киирэн
биэрбэт. Онуоха саха өйүнэн өлбөт буолуу үрдүк кирбиитигэр
киирбит суруйааччылара тирэх буолаллар. Кинилэртэн сүбэ-
лэтэҕин, кинилэрдиин кэпсэтэҕин, ону улахаҥҥа ууран суол­
талаа! Дьиҥ дириҥ айылгылаах уус-уран айыы суолтата  —
итиннэ, дьон өйүгэр-сүрэҕэр иҥэр күүһүгэр!

    «Тылбытын байытабыт» олук икки кэриҥинэн бэрилиннэ:
бастакыга  — быһаччы тыл быһаарыыта бэриллэр, иккискэ  —
тыл быһаарыытын бэйэҕит тылдьыттан, интэриниэттэн, дьоҥ­
ҥутуттан ыйыталаһан толороргутугар ананар.

    «Тыыннаах тыл» олукка, аата этэ сылдьарын курдук, төрөө­
бүт тылгытынан бэйэҕит тылынан, суругунан саҥаран, суруйан
толороргутугар аналлаах үлэ көрүҥнэрэ тиэмэлэринэн наар-
данан бэрилиннилэр.

    «Анаан дьүүллэһии» сорох түгэҥҥэ «Дириҥэтэн ыры-
тыы» диэн ааттаан, дьиҥ тыл ускуустубатын чыпчаала буолбут
айымньыны ырытыыга мөккүөртэн мөккүөр, санааттан санаа
үөскүүр, онон иккистээн, сороҕор үһүстээн төхтөрүйэн айым­
ньыга эргиллии ирдэнэрин болҕомтоҕо ылан киллэрдибит.

    «Айар, айымньылаах үлэ» олукка уус-уран айымньы киһи
айар дьоҕурун, айымньылаах толкуйун арыйар ураты күүстээ­
ҕин учуоттаан, үөрэнээччи барыта да буолбатар, ким санаата
сытарынан толороругар анаан тиэмэлэр бэрилиннилэр.

    «Чинчийэр үлэ» олукка уус-уран литератураны тыл ускуус­
тубатын көстүүтүн быһыытынан литература устуоруйатыгар,
түөрүйэтигэр тирэҕирэн, ырытарга аналлаах тиэмэлэр киллэ-
рилиннилэр.

    Саха норуотун дириҥ далай өлбөт өйүгэр, ийэ кутун ча­раас
эйгэтигэр, сүрүгэр-кутугар ситиһиилээх айаны баҕарабыт!
Төрөөбүт норуоккут өйүн күүһүн, уйулҕатын сырдыгын  — ба-
рытын эккитигэр-хааҥҥытыгар иҥэрэн, өлбөт өйдөнүҥ, өрүү
сырдыгынан, киһилиинэн эйгэҕитин толоруҥ, атын норуоттар-
дыын тэҥинэн, доҕордуу «эн-мин» дэһэр тэҥ кирбиилээх сай-
дар суолга киириҥ!

                                                                                             Ааптардар

   4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9