Page 3 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 3
КҮНДҮ ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭР!
Эһиги бүгүн электроннай, цифровой технология, сибээс,
интэриниэт сайдыбыт үйэтигэр олорон, ханна да ыраата бар-
бакка, тута сылдьар төлөпүөҥҥүт көмөтүнэн Аан дойду бары
сонунун, сэһэнин-сэппэнин, айымньытын билэ, ааҕа сылдьа-
ҕыт, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыгыт.
Санаан көрүҥ, сүүс сыллааҕыта олох-дьаһах хайдах этэй?
Биир киһи үйэтин эрэ саҕа кылгас кэмҥэ үөрэхтэммит омук
билигин төһөлөөх сайынна? Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн саҥа сэ-
биэт былааһа олохтонон, саха омук барыта ааҕарга-суруйарга
үөрэнэн барбыта.
Онтон ыла Аан дойду таһымыгар тахсар, улуулары кытта
тэҥнэһэр литературалаах буола үүннэ.
Эһиги онус кылааска Өксөкүлээх Өлөксөй «Байанай алгыһа»
хоһоонунан төрүттэммит саха литературатын, бастакы реалист-
суруйаач чылар айымньыларын ааҕан билсибиккит, эрэпэриэс-
сийэ ыар кэмин хабан үөрэппиккит. Салгыы быйылгы үөрэх
дьылыгар Ийэ дойдубутугар саба түспүт халабырдьыттары но-
руот күүһүнэн кыайбыт, дойдубутун кылгас кэм иһигэр чөлү-
гэр түһэрбит, халлаан куйаарыгар бастакынан көппүт, социа-
лизмы тутуспут, коммунизм идиэйэлэрин олоххо киллэрэргэ
соруммут кэммитин көрдөрөр айымньыларга киһи уйулҕатын
уратытын, өй-сүрэх мөккүөрүн, олоххо тулууру, дьулууру, киһи
буолуу үрдүк аналын туһунан ааҕыаххыт.
Онтон уларыта тутуу бэлиитикэтэ саҕаланан, устунан дьал-
хааннаах 90-с сыллар биир халыып олохпутун аймаан, мо-
дун Сэбиэскэй Сойууспут эстэн, ыһыллыы-тоҕуллуу буолбута,
ырыынак ытарчатыгар ылларбыппыт, хапыталыыстыы сы һыаҥ-
ҥа көспүппүт.
Ити уларыйыылар барыта саҥа көлүөнэ дьону үөскэппиттэ-
рэ. Норуот, омук сайдыытыгар дьайбыттара, култуура, ускуус-
3