Page 7 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 7

СЕРГЕЙ СТЕПАНОВИЧ ВАСИЛЬЕВ—БОРОГОНСКАЙ
                                  (1907—1975)


                               «ЫТЫК ИЛЬМЕНЬ»
            Бэйиэт кэлиҥҥи айымньыларыттан
         «Ытык  Ильмень»  ордук  биһирэммитэ.
         Аҕа дойду сэриитин тиэмэтэ ааҕааччы
         болҕомтотун куруук тардар. Суруйаач­
         чылар маны араас өттүттэн ойуулуул­
         лар,  хоһуйаллар.  Сергей  Степанович
         айымньытын жанрын «баллаада» диэн
         быһаарар.  Судургу  сюжеттаах  лиро­
         эпическэй  кылгас  бэйиэмэ  курдук  да
         диэххэ сөп. Сорохтор былыргы нуучча
         норуотун  айымньытыгар  баар  «плач»
         (ытабыл, кутурҕан) жанрыгар майгын­
         натыахтара, холобур, «Игорь сэриитин
         туһунан  кэс  тылга»  баар  «Плач  Ярос­
         лавны» диэҥҥэ. Биһиги Өксөкүлээх Өлөксөйбүт «Эр аһыыта»
         диэн  хоһоонноох.  Ол  эрээри  «Ытык  Ильмень»  итилэртэн  бу­
         катын атын дуорайыылаах. Манна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр
         Ильмень күөлгэ буолбут хааннаах кыргыһыыга дьоруойдуу ох­
         тубут Саха сирин буойуннарын албаннаах ааттара хоһуйуллар.
            1943 сыллаахха Ильмень күөлгэ кыргыспыт 19­с туспа ха­
         йыһар биригээдэтигэр үгүстэрэ саха чулуу ыччата этилэр. Ки­
         нилэр, хас эмэ сүүһүнэн киһи, өстөөх быдан баһыйар күүстэ­
         рин  утары  тэҥэ  суох  киирсиигэ  охтубут  аһыылара­абалара
         кыр дьаҕас бэйиэт дууһатын ааһан­араҕан биэрбэккэ долгутар.
         Бэйиэт ол ааспыт кыргыһыыга охтубут хаарыан хаан уруу дьо­
         нун ааттарыгар «кэриэс тылы этиэхтээҕин эппэккэ сылдьар»,
         «аралдьыйан умнан эрэр» курдук сананар. Кини сааһырбытын,
         ыалдьарын  умнан  туран,  ыраах  хаан  уруу  биир  дойдулаах­
         тара  көмүллэ  сытар  буордарыгар  тиийэн,  тыыннаах  сибэкки
         дьөрбөтүнэн уонна поэзиятын хомуһуннаах тылларынан венок
         ууран,  сүһүөхтээх  бэйэтэ  сүгүрүйэн  кэлэргэ  сананан,  сын­
         дылҕаннаах айаҥҥа турар: «Бардым сүрэҕим­быарым курдат
         тардыытынан, бардым кутум­сүрүм ханна хайыһыытынан!»

                                                            Н. З. Копырин






                                                                       7
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12