Page 9 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 9
Киҥкиниир киэҥ тайҕалары,
Килэмэн нэлиэн сыһыылары,
Ырааҕынан үрдүнэн,
Күнүнэн, түүнүнэн
Бардым көтөн —
сындыыстыы сыйылаан.
Бардым көтөн —
охтуу суйулаан…
* * *
Кэллим
Кыырыктыйбыт Ильмень күөлгэ.
Кэллим
Улуу Новгород куоракка.
Дорообо, Ильмень!
Дорообо, Новгород!
Мин кэллим эһиэхэ
Ис сүрэҕим аймалҕанынан,
Ийэм, аҕам долгуйуутунан.
Мин кэллим
Сайылык эбэм ахтылҕанынан,
Санаам-оноом утатыытынан,
Мин кэллим,
Хомурах таптаан хонуктанар
Холус ыраах дойдутуттан.
Мин кэллим
Дьүкээбил уота күлүмнээх
Дьикти хоту дойдуттан.
Мин кэллим
Үрүҥ-хара түүлээх
Үөрдээн, үтүрүһэн үөскүүр
Үрдүк Аар Тайҕа дойдутуттан.
Мин кэллим
Аан ийэ дойдуну
Арҕаһыттан туора быластаабыт
Арылы хайа дойдутуттан,
Мин кэллим
Күн күөлэһийэн тахсар
Күлүм-чаҕыл уорҕалаах
Күрүлэс көмүс дойдуттан.
Мин кэллим
Хаар кырсын алдьаппакка
9