Page 8 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 8
Ааҕыы, ырытыы
УЛУУ ИЛЬМЕНЬ
(баллаада)
Тоҕо,
Сүрэҕим, суоһаҕын?
Тоҕо,
Хааным, куоһаҕын?
Иэримэ дьиэбэр
Ханнык биэбэккэм киирбэтий?
Сайылыгым толоонугар
Ханнык оҕом ырыата дьиэрэйбэтий?
Эбэтэр
Ханна ыраах аймалҕаннаах
Хаһыырар хаһыыны курдаттыы истэбин?
Эбэтэр
Ханна күлүм чаҕааннаах
Көрү-күлүүнү бүтэйдии билэбин?
Эбэтэр
Ханна ким миигин
Харааста ахта сылдьарын
Кутум-сүрүм курдат билэрий?
Эбэтэр
Ханнык хаҥыл таптал тардыыта
Ханна ыҥыра сылдьарын
Хайдах курдат суоһа-утата билэбин?
Эбэтэр
Кимҥэ кэриэс тыл этиэхтээхпин
Кэһэн эппэккэ сылдьабын?
Эбэтэр
Аймаһыйа алҕаан ааһыахтаахпын
Аралдьытан умнан эрэбин?
Бардым…
Бардым сүрэҕим-быарым курдат тардыытынан,
Бардым ханна кутум-сүрүм хайыһыытынан!
Бардым…
Бардым…
Бардым…
Үс былыты үрдүнэн…
Үрдүк мындаалаах хайалары,
Үтүмэн элбэх өрүстэри,
8