Page 10 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 10
Халыҥ тыаны хайа тыырар
Хатан чаҕаан дьонноох дойдуттан.
Мин кэллим
Сүүстэ харах уутугар тимирбит,
Сүүстэ быста-быста силбэммит,
Сүүстэ суругун-бичигин сүтэрбит,
Сүүстэ өлөн баран тиллибит,
Дьэ дьуолкалаах суолугар бу тахсыбыт,
Дьиэрэччи ырыатын дьэ тардыбыт
Сүдү кырдьаҕас саха норуотуттан,
Сүр ыраах хоту дойдуттан!
* * *
Дорообо,
Нуучча омуннаах үҥкүүтэ!
Дорообо,
Музыка дьиэрэйэр ньиргиэрдээх күүрүүтэ!
Дорообо,
Волхов суккулла кутуллар сүүрүгэ!
Дорообо,
Ильмень адаархай долгунун күлүмэ!
Эн эмиэ
Ааспыт араллааннаах кэмнэргэр
Аһыылаах харах дириҥ уутугар
Аймана чачайбыттаах эбиккин!
Эн эмиэ —
Охсуспут уорааннаах суолларгар
Ортотунан элбэхтик булгуруйбут
Уһун садаҕа кылыстардаах эбиккин!
Эн эмиэ —
Урусхал буола кумаламмыт
Улуу дьон көмүс уҥуоҕа
Оппуоха буолбут буордардаах эбиккин!
Эн эмиэ —
Кыыһа кытыаста халыйбыт
Кытыан үгүс дьон хаана
Кырааска буолбут кырдаллардаах эбиккин.
Бу сип-сибилигин манна
Көрөн турар курдукпун:
Шведтэр ааттаах армияларын,
Немецтэр кыыллыйбыт рыцардарын
Невскэй утары көрсүһэн,
10