Page 15 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 15

Кый ыраах, кырыалаах дойдубар!
                    Мин бардым —
                    Төрөппүт аһыылаах дьоннорбор!
                    Мин бардым —
                    Аһыылаах дьоннорум чиэһигэр,
                    Албаннаах кыайыыларын иэһигэр,
                    Ис сүрэхпиттэн долгуйан,
                    Иэйэ-куойа соҥуйан,
                    Хоһооммунан манна венок быраҕан,
                    Үйэлээх памятник туруоран!!!
                                                           1967 с.



                Тылбытын байытабыт

               Өстөөххө хабара — өстөөххө абара.
               Кут­сүр — дууһа, өй-санаа.
               Хатан чаҕаан — хорсун, сытыы кытыгырас дьонноох.
               Садаҕа — алдьаммыт-кээһэммит диэн суолталаах.
               Хараам — нууччалыыттан: храм.
               Хабараан — сатараан.



                Тыыннаах тыл

            1.  Улуу Новгород киһи аймах устуоруйатыгар тугунан киэҥник бил-
              лэр эбитий? Баллаадаттан булан кэпсэтиҥ.
            2.  Ытык өйдөбүл, ытык иэс туһунан санааҕытын атастаһыҥ.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Эһиги санааҕытыгар, бэйиэмэ ханнык кэрчиктэрэ ааҕаач чы
               уйулҕатын ордук хамсаталларый? Тоҕо?
            2.  Төхтүрүйүүлээх ыйытыы строфаларын ааҕа олорон, бэйиэт
               ханнык турукка киирэн айбытын сэрэйиэххэ сөп дуо?
            3.  Айымньы ис хоґоонун кµµґµрдэр, дириІэтэр риторическай
               ньымалар  туттуллубуттар:  ыйытыылар,  кµµґµрдµµлэр,  ту­
               ґулааґыннар.  Тиэкистэн  бу  ньымалары  булан  бэлиэтэниІ.
               Бэйиэт ірі кµµрµµлээх (эмоциональнай) туруга аа±ааччыга
               тугу тиэрдэрий?



                                                                       15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20