Page 16 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 16

4.  Ис сүрэхпиттэн долгуйан,
                   Иэйэ-куойа соҥуйан,
                   Хоһооммунан манна венок быраҕан,
                   Үйэлээх  памятник  туруоран!!!  —  диэн,  бэйиэт  бэйэтэ  эп­
                   питинии:  «Бу  (айымньы)  —  Јлµµ  уон на  Кыа йыы  паама­
                   тынньыга».  С. Васильев  Улуу  Ильмень  трагедиятын  өссө
                   ханнык  үлэтинэн­хамнаһынан  үйэтиппитэ  билиҥҥэ  диэри
                   кэриэстэнэрий?
                5.  Бэйиэт  нуучча  норуотун  улуу  дьонугар  сүгүрүйүүтүн  көр­
                   дөрөр тыллары тиэкистэн булуҥ, ырытыһыҥ.
                6.  Литературнай процесска айымньы икки араастык ааттанар
                   көстүү тэ бэлиэтэнэр. Ол курдук бу баллаада саха литерату­
                   ратын  устуоруйатыгар  икки  аатынан  биллэр:  «Улуу  Иль­
                   мень» уонна «Ытык Ильмень». Бу көстүү туох төрүөттээҕин
                   быһаарсыҥ.


                                                        АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

                1.  Бэйиэмэҕэ Саха сирин улуустара ааттаммыттар. 1943 сыл­
                   лаахха  олунньу  23  күнүгэр  Ильмень  күөлгэ  400­кэ  саха
                   уолана  сэймэктэммиттэрэ.  Архыып  чахчытыгар  олоҕуран,
                   ол дьулаан кыргыһыыга ханнык улуустан хас саллаат сыр­
                   дык тыына быстан, кыраман уҥуохтара онно кистэммитин
                   туһунан иһитиннэриитэ оҥоруҥ.
                2.  Эһиги  санааҕытыгар,  бэйиэт  иэйиилээх,  иччилээх  тыл  үр ­
                   дүк аналын күүһүнэн сүдү ійдібµнньµк туруоран, тууйуллу­
                   бут санаатын уоскутта дуо? Сергей Борогонскай ол ааспыт
                   кыр гыһыыга охтубут хаарыан хаан уруу дьонун ааттарыгар
                   «кэриэс тылы этиэхтээҕин эппэккэ сылдьар», «аралдьыйан
                   умнан эрэр» курдук сананарын уоскутар ис хоґоонноох су­
                   рукта суруйуІ.



                    Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

                Бэйиэт  кырдьаҕас  Новгород  сиригэр  тиийэн,  элбэҕи  эргитэ  са-
             ныыр. Фашизмы утары охсуһууга Аан дойду норуоттара сомоҕолоһон,
             Кыайыы  албаннаах  устуоруйатыгар  киирбиттэрэ.  2013  сыллаахха
             эбээн суруйааччыта А. В. Кривошапкин эмиэ бу кыргыһыыга анаммыт
             «Вечная  память»  бэйиэмэни  суруйбута.  Ааҕыҥ,  тэҥнээн  ырытыҥ,
             чинчийиҥ.





              16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21