Page 18 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 18
Ыйааһыннаах ыйааҕы,
Собо хатырыгын саҕа да буоллар
Соноҕос ат
Соһон кыайбат,
Суолталаах сорудаҕы…
Мин бардым:
Арҕаа,
Алдьархай ааҥнаабыт дойдутугар,
Кый ыраах,
Кыргыһыы кыламмыт кырдалыгар.
Мин бардым:
Долгуйар Европа
Толооннорун туораары,
Сымара таас хайалар
Сыралларын чиэрэстээри,
Улуу муоралар, ааттаах өрүстэр
Уҥуордарынан чүөмчүлээри.
Мин бардым:
Аан дойду хаанымсах адьырҕатын
Ахсатан, арҕаҕын иһигэр
Атаранан хараҕалыы анньыһа;
Күн дьоно барҕарар көҥүлүн
Күөх халлаан күндээрэр күөнүгэр
Көмүстүү күлүмнүү сырдатыһа.
Эрдийэ саныыбын:
Эр киһи ааттанан,
Иитиилээх сааны ылан —
Улуу Европа хотун
Уорҕатын уҥуордаһа барарбыттан;
Дунай долгуннаах урсунун
Тобукпунан тургутуһан,
Днепр дэбилгэннээх дириҥин
Ньилбэкпинэн мээрэйдэһэн,
Омук сиригэр тиийэммин
Уоту сабыта үктэһэрбиттэн;
Киһиргээбит фашистар
Килиэ-халаа куораттарын
Усталаах туоратын
Ортотунан тэлсэрбиттэн;
Пруссия сыһыытын
18