Page 17 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 17
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Литературоведтар бу айымньы жанрын быґаарыыларын булан
ырытыІ. Бэйиэмэ, баллаада, бэйиэмэ-реквием туох уратылаахтарын,
литература тµірµйэтигэр сигэнэн, быґаарарга холонуІ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Бу айымньы ис хоһоонунан уусуран киинэ уһуллубута.
Киинэни булан көрүҥ. Оонньообут артыыстартан ким ордук
итэҕэтии лээхтик оруолун толорбутуй? Киинэҕэ көстөр быһы
лааннар айымньы ис хоһоонун кытта алтыһыылара көстөр
дуо? Ханнык түгэннэр? Режиссёрга баҕа санааҕыт.
БЫРАСТЫЫЛАҺЫЫ
Кыырай маҥан халлаан кырыыта,
Кынтайар кыталык кыыл
Кынатын таһын курдук,
Кылбайа сырдаан эрдэҕинэ,
Кыҥкынас кырыыппа тыаһыттан
Кычыгыланан уһугуннум.
Илин быраан иитэ,
Эрбии тииһин курдук,
Элэҥнээн көстөн эрдэҕинэ,
Эйээрэр музыка тыаһыттан
Эрчимирэн турдум.
Ол тураат,
Утуйа сытар
Оҕолорум аттыгар тиийэн —
Илиилэриттэн убураан,
Эймэнийэр тапталбын
Эттэригэр иҥэрдим,
Сүүстэриттэн сыллаан,
Сүрэҕим тапталын
Сүрдэригэр холбоотум.
Ыллым мин,
Ыҥырыа кынатын саҕа да буоллар,
Ындыыһыт ат
Ыатаран кыайбат,
17