Page 13 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 13
Кутуллар сүүрүктээх сүүһүнэн өрүстэргин
Кутаалаах уоту аннынан туораабыттара.
Куталаах-дьэбэлээх тыһыынчанан күөллэргин,
Босхолоон ылаары, кыланан барбыттара.
Өстөөҕү урусхаллаан төттөрү кыйдааннар,
Эн куораттарыҥ килиэ таас уулуссаларынан
Ураанан сырсыбыттара… Парадтыы
хаамсыбыттара…
Эн урусхал буолбут дьиэлэриҥ үрдүлэригэр
Кыайыы знамятын өрө анньыспыттара…
Эн киэҥ сыһыыларыҥ иннинэ туолбуттара,
Олорго кылбаҥнас пааматынньыктар турбуттар…
Мин ол биир дойдулаахтарым!
Бырааттарым, убайдарым
Ойуур ахсын быстыбыттар,
Уу тулатыгар охтубуттар.
Ити ииннэргэ көмүллүбүттэр.
Кинилэр
Улуу Лена буоруттан эттэммиттэрэ,
Улуу Лена уутугар кииллийбиттэрэ.
Кинилэр
Улуу Лена салгынын эҕирийбиттэрэ,
Ийэ дойдуларын сүрүн иҥэриммиттэрэ.
Кинилэр манна
Сири кытта сир буолбуттар,
Ууну кытта уу буолбуттар,
Салгыны кытта салгын буолбуттар,
Сыралы кытта сырал буолбуттар,
Бу — сибэкки буолан дьэргэйбиттэр,
Бу — сирэм күөх буолан долгуйбуттар,
Бу — чыычаах буолан ыллаабыттар,
Бу — куйаас буолан күндээрбиттэр…
Кинилэр эн килэҥ муускар
Ол өрдөөҕү өлөр кыланыылара,
Кинилэр өстөөххө хабарбыт,
Кыайыыны ыҥырбыт хаһыылара
Үйэлэри үрдүнэн иһиллэ тураллар.
Музыка буолаллар,
Дьиэрэйии буолаллар.
Мин сүгүрүйэбин —
Эн сандаарар саҥа куораттаргын айхаллыы!
13