Page 14 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 14
Мин сүгүрүйэбин —
Долгуйар бу солко күөх суугунун уруйдуу!
Мин чаҕылыйабын —
Дьиэрэйэр музыкаҥ баалыгар уйдаран!
Мин чаҕылыйабын —
Күлүмнүүр бу күндү мичээргэ куустаран!
Мин туруум —
Аһыылаах дьоннорум ааттарын чиэһигэр,
Албаннаах кыайыыларын күлүмүн иэһигэр —
Кырдьаҕас тулаайах ийэттэн, аҕаттан,
Кылыстыы кылбаҥныыр эдэркээн ыччаттан,
Кый ыраах Ленаттан, долгуйар Амматтан,
Кырыылаах Дьааҥыттан, көмүстээх Алдантан,
Төҥүлү күөлүттэн, киэҥ Ньурба ыалыттан,
Төрөөбүт сирбиттэн — солко күөх Суоттуттан
Төбөбүн хаҥкыта!
Сибэкки быраҕа!
Мин туруум —
Аһыылаах хараҕым уутун манна таммалата!
Дьоннорум уҥуоҕар ону манна ханыылата!
Эймэлгэннээх ол хараҕым уутун таммаҕа
Эн, Улуу Ильмень, омуннаах долгуҥҥар
Уһун үйэлэр мындаалаах усталарыгар
Оонньуу-кылбачыһа сылдьыстын!
Улуу буойуттар чиэстэрин туойустун!
Эн торҕо солко отторгор,
Эн чаҕылыйар үскэм отонноргор,
Эн синньэ-дьэрэкээн киистэлэргэр,
Эн сиэдэрэй кэрэ сибэккилэргэр
Сиик буолан чопчулаһа турустун!
Оҕуруолуу оонньуу чаҕылыстын!..
Мин бүттүм —
Кэс тылбын иэйэ кэпсэтэн!
Мин бүттүм —
Сүрэхпин-быарбын ытатан!
Мин бүттүм —
Андаҕар хоһоонун саҥардан!
Мин бүттүм —
Санаабын-онообун ыллатан!
Мин бардым —
14