Page 19 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 19

Буһуктаах толоонугар
                          Бухатыырдыы хаамсарбыттан;

                          Ол бараары
                          Оҥостор түрүлүөммэр:
                          Оҕолорум уһуктан
                          Уолуйбатынар диэн,
                          Уллуҥаҕым уһугунан дугуннум;
                          Сыллыыйдарым сыыһа
                          Сылаастык сынньаннынар диэн,
                          Сыттыктарын көбүтэн биэрдим.
                          Билэбин —
                          Утуйар сылаас уу
                          Уйгуурара омуннааҕын,
                          Турар халҕан аан
                          Тоҥсуллара дьулааннааҕын.
                          Оо,
                          Төһө эрэ түннүк
                          Дүрбүлүннэ буолла,
                          Хас эрэ халҕан
                          Хайытталанна буолла?!
                          Хас эрэ
                          Утуйа сытар кэргэҥҥэ
                          Уһуктаах ыстыык үөмтэ,
                          Сымнаҕас түү сыттыкка
                          Сылаас уу тоҕунна?!
                          Ол ону оҥорбут
                          Ороспуой фашистары
                          Уолуктарын хараҕалаары,
                          Уодай хаана хааннанан,
                          Ох курдук оҥоһуннум.
                          Аҕаҕыт алгыһа
                          Арчылыы туруохтун:
                          Үтүмэх бэкир күлүктээх
                          Үрдүгүтүн өҥөйбөтүн,
                          Суон хара күлүктээх
                          Суорҕаҥҥытын арыйбатын,
                          Улук тымныы илиилээх
                          Уһугуннаран уолуппатын,
                          Бороҥ туман дууһалаах
                          Боруоккутун атыллаабатын!

                                                                       19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24