Page 21 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 21

Суостаах күннэрэ
                            Хара суордуу
                            Халаатаһан түстүлэр…

                            Билэбит ол хантан кэлбитин,
                            Билэбит ол туохтан буолбутун!
                            Хараҥа дьайыҥнаах
                            Капитал сириттэн
                            Хаанымсах фашист,
                            Харытын тиэринэн,
                            Дьол сырдык бу сирин,
                            Дьол-соргу биһигин
                            Боруогун үрдүнэн
                            Болуоннаһа атыллаата…
                            Куораппытын алдьатан,
                            Хоруо курдук тэпсээри,
                            Сэлиэнньэни үрэйэн,
                            Сири кытта тэҥнээри —
                            Суостаах тэргэттэринэн
                            Суптурута одуулаата,
                            Тууспаннаан, дьаадаранан
                            Тоҕута ытыалаата…
                            Кыһыл Армия
                            Кырыынан көрсүһэн,
                            Уһуктаах өргөстүү
                            Уун-утары кэтистэ,
                            Хомпоруун хотойдуу
                            Хорсуннук түһүстэ…

                            Ити курдук
                            Икки күүс —
                            Сырдык уонна хара күүс —
                            Эпсэри түсүһэн
                            Эллэһэн истилэр,
                            Хардары анньыһан
                            Хааннаһан бардылар…
                            Сүллэр этиҥнии
                            Сүҥкэн тыастар
                            Онтон буоллулар,
                            Көмүөл мууһунуу
                            Күрүлүүр ньиргиэрдэр
                            Онтон турдулар…

                                                                       21
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26