Page 26 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 26
Кыайыахпыт! — диэн,
Аан дархан андаҕары
Андаҕайдахпыт буоллун!
Торҕон бөрөттөн
Толлон турдахпытына,
Тутах туттан
Чугус гыннахпытына,
Үүнэр ыччаттарбыт
Үөҕүү гынныннар! — диэн,
Аан дархан андаҕары
Андаҕайдахпыт буоллун!
1941 с., бэс ыйа
Тылбытын байытабыт
Болуоннаһа — иирсэ, охсуһа, кыргыһа.
Тэргэттэр — эстэр күүстээх сэптэр, бууска, артыллыарыйа.
Тууспан — ураты суостаах уот.
Курдаҥ тиит — куурбут, хаппыт мас.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Андаҕар ханнык түгэннэргэ туттуллар эбитий?
2. Айымньыны ааҕан, ис хоһоонунан көрөн, чаастарга үллэ
риҥ. Тоҕо маннык үллэрбиккитин быһаарыҥ.
3. Бэйиэт бу айымньыга бар дьонугар этэр андаҕара киһи хан
нык туругун күүһүрдэрин, ыар кэми тулуйан, уһаарыллан,
кыайыыга тиийэргэ ыҥырыытын ырытыһыҥ.
Тыыннаах тыл
y Айымньы тылыгар былыргы андаҕар тыла-өһө хайдах туттуллу-
бутун кэтээн көрүҥ, суолтатын быһаарыҥ.
y Бэйиэт «Биир бэйэҥ биэс буол» диэн кимиэхэ туһаайан этэ-
рин, этии суолтатын хайдах өйдүүргүтүн быһаарыҥ.
26