Page 29 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 29
ТИМОФЕЙ ЕГОРОВИЧ СМЕТАНИН
(1919—1947)
Тимофей Сметанин сэрии саҕала
наатын кытта сытыы бөрүөтүн өһө
гөйдөөх өстөөҕү утары туһулаабыта.
1942 сыллаахха күһүн Сэбиэскэй Аар
мыйаҕа ыҥырыллыбыта.
Сылтан ордук байыаннай үөрэххэ
үөрэммитэ, онтон 1943 сыллаахха ку
лун тутарга фроҥҥа саасаадах тутан
барбыта. Бэйиэт үс бойобуой доҕотто
рунуун төрөөбүт норуоттарыгар анаан
суруйбут суруктара «Кыым» хаһыакка
бэчээттэммитэ. Онно: «Ийэ дойдубут,
норуоппут эрэлин чиэстээхтик толо
руохпут!.. Куттананчугуйан биэриэх
пит суоҕа, саха норуотун аатын хараардыахпыт суоҕа…» —
диэн андаҕайбыттара. Бу бигэ тыллар буойун хорсун сырыыла
рынан, бэйиэт илбистээх хоһооннорунан бигэргэтиллибиттэрэ.
Т. Сметанин ОрловскайКурскай туһаайыыга, хотугулууар
ҕааҥҥы, иккис Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыы
ларга, сэрии сибиниэс силлиэтин силэйэн, өстөөҕү сууһар
сыбыта. Сэрии толоонноруттан Саха сиригэр «Хааннаах хара
баттах», «Сүрэхтэн кэпсэтии», «Босхоломмут дэриэбинэ»,
«Саллаат ахтылҕана», «Бухатыыр Армия», «Саллаат» уо.д.а.
хоһооннор буорах сытынан аҥылыйан кэлэллэрэ. Госпиталга
сытан, «Өстөөҕү өһүөннүү», «Чуумпуга» курдук айымньылары
суруйбута.
Ааҕыы, ырытыы
САЛЛААТ СҮРЭҔЭ
Уулаах окуопаҕа сытан,
Утуйбакка да сылдьан,
Ийэ дойдум дьолун иһин
Эрэйдэммитим иһин —
Син биир этиэҕим
Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
Көстөр айыым сырдыгыттан,
Көҥүл олохтон арахсаммын,
29