Page 31 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 31
САЛЛААТ
Ахсынньы тымныытыгар сиргэ хонноххуна,
Атаххын, илиигин онно үлүппэтэххинэ,
Булчут быһыытынан сыалгын таптаххына,
Хайыһар кэтэн халыйан истэххинэ —
Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн Сахаҥ сирэ
Эйигин сатаан ииппитин.
Тоҥон-тоҥон баран, итии миини истэххинэ,
Хоргуйан баран, минньигэс килиэби сиэтэххинэ,
Атаакаттан ыстыыгыҥ бүтүн таҕыстаҕына,
Суумкаҕар саппаас ботуруоннаах буоллаххына —
Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн төрөөбүт дойдуҥ
Бараммат баайын, улуу бэйэтин.
Өлөн эрэр чугас доҕоруҥ
Өрүһүй диэн хаһыытаатаҕына,
Тулаайах оҕоҥ синиэлиҥ тэллэҕиттэн
Тутуһан туран ытаатаҕына —
Оччоҕо ордук өйдүүгүн өстөөҕү өлөрүү
Хайҕал дьыалата буоларын.
Хараххар киирэр туустаах көлөһүҥҥүн,
Синиэлиҥ сиэҕинэн илгэн кэбиһэ-кэбиһэ,
Бииртэн биир гранаты элитэн истэххинэ,
Бииртэн биир өстөөх сууллан түстэҕинэ —
Оччоҕо ордук өйдүүгүн Ийэ дойдугар
Иэскин төлөөн эрэргин.
Охсуһуу хонуутугар табыллан оҕуттаххына,
Бэйэҥ хааҥҥыттан хараҕыҥ иирдэҕинэ,
Түлэй-балай түһэн сыттаххына,
Өлүү тымныы илиитэ тыыҥҥын тууйдаҕына —
Оччоҕо ордук өйдүүгүн олох кэрэтин,
Күн сырдыгын үтүөтүн.
Табаарыһыҥ сыыллан кэлэн,
Бааскын саба баайдаҕына,
Буулдьа аннынан, уот быыһынан
Эйигин сүгэн таһаардаҕына —
Оччоҕо ордук өйдүүгүн доҕордоһуу тугун,
Доҕор диэн кимин.
31