Page 28 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 28
дажка сытыарбыттара. Сэргэйим хаана барара тохтообутун кэннэ, өр
буолбакка, биһиги төннүбүппүт. Сонно билбитим Сэргэй эр санаа-
та кытаанаҕын, холкутун, киэҥин, мин буоллахпына — өлүөм иннинэ
өлүөх быһыылаах этим. Кэнники истибиппит — ол биһиги тохтообут
блиндажпытыгар снаряд түһэн, чөҥөрө иин оҥорбута үһү.
Ити кэмҥэ биһиги пропуспут кэмэ бүтэн барбыта, онуоха эбии
ыарытыйан, мөлтөөн, сотору Москваҕа төннүбүппүт. Онно Суруйаач-
чылар союзтарыгар бэрт үгүстүк сылдьан, элбэх таҥас-сап кэһии
бэлэҕи ылан, ону сүгэн-көтөҕөн, дойдубут буоругар үктэммиппит.
Төһөлөөхтүк биһиги төбөбүтүн хоҥкутан олорон муҥатыс пыппыт,
норуоппут, Ийэ дойдубут иннигэр иэйбиппит, өстөөх хө абатыйбыппыт
буолуой — түөрт ый кэриҥэ кытаанах кэмҥэ, кытаанах айаҥҥа —
иккиэйэҕин эрэ сылдьан… Ону барытын сиһилии кэпсиир кыах суох.
Барбах сорҕотун эрэ Сэргэй барахсан, хараҕын уутугар бөтө-бөтө,
сүрэҕин ыраас хаанынан өстөөҕү утары суруйбут хоһоонноруттан эрэ
сабаҕалыахха сөп.
Аҕа дойду көмүскэлигэр уоттаах, уодаһыннаах сэриигэ умсубут
саха ыччатын кини курдук дириҥник аһыйбыт ким баар буолуой?
Ильмень күөлгэ үс төгүл бара сылдьыбыта, «Ытык Ильмень» диэн
бэртээхэй реквием-поэманы суруйбута. 1968 сыллаахха Старай Рус-
саҕа саха саллааттарыгар пааматынньык туруортарбыта. Бу да иһин
киниэхэ бэйэтигэр пааматынньык туруоруохха сөп.
Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон
Сэтинньи 24 күнэ, 1987 с.
Аах. Бил. Туһан
1. Башарина З. К. Великая Отечественная война в литературе
народов Якутии. — Якутск: Издво ЯГУ, 2004.
2. Биһиги Сэргэйбит : Ыстатыйалар, ахтыылар / Хомуйан
оҥордо С. С. ВасильеваДонская. — Дьокуускай, 1997.
3. Василий Сивцев. Сергей Васильев // Күнүм киэһэрэн эрдэ
ҕинэ. — Дьокуускай: Бичик, 2003.
28