Page 27 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 27
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Сэрии кэминээҕи литератураҕа норуот айымньытын кө рүҥ
нэрэ: алгыс, андаҕар, кырыыс ордук хото туттуллубут төрүөт
тэрин кэпсэтиһиҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Бэйиэт туттубут тэҥнэбиллэрин булуҥ. Хара суорунан, элиэ кыы-
лынан, өлүү сордоҥунан кими уобарастаан этэрий? Кыһыл Аармы-
йаны ханнык көтөргө тэҥниирий? Тоҕо?
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Ыраахтан сылдьан, тылынан эрэ хоһуйан сэриигэ кыттары кини
астыммакка, 1944 сыллаахха миигин илдьэ фроҥҥа, сэриилэһэр
Ар мияҕа, бара сылдьыбыппыт. Бу улахан эппиэттээх командировка
этэ. Уопсайа түөрт ый, оттон сэриилэһэр Армияҕа (4-с Украинскай
фроҥҥа) икки ый устата сылдьыбыппыт. Үгүс бэлэх-туһах, бэл диэ -
тэр, сахалыы ырыа-тойук иһитиннэрээри патефоннаах, балай эрэ
элбэх бэлэх биэрэр кинигэлээх, хаһыакка бэчээттэнэр нууччалыы
тылбаастаммыт хоһоонноох, дакылааттыыр, кэпсиир текстээх эти-
бит. Сүрүн сорукпут — ыраах тыылга олорор Саха сирэ фроҥҥа ту-
гунан-ханныгынан, төһөнөн-хаччанан көмөлөһөрүн инники кирбиигэ
сылдьар армеецтарга, туһааннаан Саха сириттэн кэлбит байыаста-
ры булан, көрсөн эҕэрдэ, алгыс тыл, бэлэх тиэрдиэх тустаах эти-
бит. Төһөлөөх көрсүһүүнү (генералыттан рядовой байыаһыгар тиийэ)
оҥорбуппутун билигин өйдөөбөппүн да, икки ый устатыгар ханна да
өрөөбөккө сылдьыбыппыт. Айана, дьиҥэ, куттала, эрэйэ да бэрдэ.
Тимир суолунан, самолёту нан, массыынанан, тэлиэгэлээх атынан,
сатыы даҕаны, соро ҕор бэрт эрэйдээхтик, кутталлаахтык да сылдьы-
талаабыппыт.
Онтон кэнники биир атын чааска, өстөөхтөр окуопалара көстөр
линиятыгар тиийбиппитигэр, миномётунан ыттарбыттара. Бастаан
мин ыппытым, онтон Сергей. Миномёт сүрдээх тыастаах, салгыны
да охсоро чугастан күүстээх буолан, Сэргэйим айаҕыттан сонно тута
хаана барбыта. Мин олус соһуйбутум, куттаммытым, алдьархай буол-
ла, соҕотоҕун төннөр сорум кэллэҕэ дии санаабытым, урут сэллик
дьон хааннара баран өлбүттэрин көрбүт киһи буоллаҕым. Хата, ону
Сэргэ йим бэйэтэ уоскута сатаабыта, баран иһэр сирбитигэр барыах
диэбитэ. Кини тэлиэгэҕэ сытан, мин олорон, сотору соҕус тыа иһигэр
киирэн, анаммыт чааспытыгар тиийбиппитигэр, эмп биэрэн, блин-
27