Page 30 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 30

Сарсын тахсар күн иһин
                           Саманна оҕуттахпына да —
                                Син биир ааҕаарыҥ
                                Сир үрдүгэр дьоллооҕунан.

                           Атаҕы тэҥнээн хаамар
                           Аналым быстыбытын иһин,
                           Mac баттыктанан
                           Барар-кэлэр буоллахпына —
                                Син биир этиэҕим
                                Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
                           Буойун ааттанан охсуһууга
                           Босхоҥ, доҕолоҥ буолтум иһин,
                           Көмүскээбит көмүс көҥүлүм
                           Күн буолан күндээрэр буоллаҕына —
                                Син биир этиэҕим
                                Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
                           Аалай хааным тохтубута
                           Россия дэхси хонуутугар
                           Кыһыл төлөн сибэкки буолан,
                           Кыыһа үүнэр буоллаҕына —
                                Син биир этиэҕим
                                Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
                           Үөрүөх курдук мин бэйэм олохпор
                           Үчүгэй суох да буоллаҕына,
                           Үөскээбит Ленам биэрэгэр
                           Үөрүү иһиллэр буоллаҕына —
                                Син биир этиэҕим
                                Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
                           Эрдэ кырдьыбыт иһин кырдьыбат
                           Эрдээх саллаат сүрэҕэ тэбэр буоллаҕына,
                           Сааспын сэрии сарбыйбытын иһин
                           Сардаҥалаах күн көрө турдаҕына —
                                Син биир этиэҕим
                                Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
                                                                       1945 с.







              30
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35