Page 35 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 35
ГАВРИИЛ ИВАНОВИЧ МАКАРОВ—ДЬУОН ДЬАҤЫЛЫ
(1914—1956)
Дьуон Дьаҥылы 1943 сыл сайыны
гар сэриигэ ыҥырыллан, дьоппуон
нары кытта кыргыһар илиҥҥи фронт
эрэйдээх суолун тэлбитэ. Ол саҕанаа
ҕы олоҕун туһунан элбэх хоһоонноох.
Олортон биирдэстэригэр Өлүөнэнэн
ус тан иһэн аһа бүппүт тууйаһын: «Дьом
мор тиийэн кэпсээ», — диэн алҕаан
туран, сүүрүк устун төттөрү ыыппытын
хоһуйар («Тууйас»). Ити түгэн «Иль
мень үрдүнэн туруйалар» диэн киинэ
ҕэ олус ылыннарыылаахтык киирбитэ
Дьуон Дьаҥылы поэзията ааҕааччы
ларга дьайар күүһэ өр сылларга мөл
төөбөтүн көрдөрөр.
Хааннаах хапсыһыыга пулемётчигынан сылдьан бааһыран,
инбэлиит буолан төннөр. 1950 сылга диэри Чурапчытааҕы үөрэх
салаатын, педкабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Айар үлэти
гэр биллэр ситиһиитинэн «Уйбаанчык» диэн хоһоонунан ара
маана буолар да, онтуката ситэ бэчээттэммэккэ хаалар. Дьуон
Дьаҥылы төһө эмэ сааһырдар, дьиэуот кыһалҕата элбээтэр
да, ону ол диэбэккэ, 1951—1956 сылларга Москваҕа М. Горь
кай аатынан литературнай институкка иккис кууруска быһа
киирэн үөрэнэр. Онно, күннээҕи түбүктэн босхолонон, айар
үлэнэн үлүһүйэн туран дьарыктанар, элбэхтик тылбаастыыр.
Бэрт өрдөөҕүттэн баҕарбыт баҕатын «Евгений Онегины»
тылбаас таан дьэ бүтэрэр. Литературнай институкка араас
дойду суруйааччыларын кытта бииргэ дьарыктанар, Сэбиэс
кэй Сойуус биллиилээх бэйиэттэрин, сэһэнньиттэрин тылла
рынөстөрүн истэр, үөрэнэр. Олор ортолоругар С. Маршак,
П. Павленко эмиэ бааллара.
Н. Н. Тобуруокап
35