Page 36 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 36
Ааҕыы, ырытыы
ИЙЭБЭР
Ийээ, суон иннэ, үрүҥ чаанньык
Көрдөөн, эн сурук ыытаҕын,
Уолуҥ учуутал дуу, начальник
Буолан кэлэрин күүтэҕин.
Суон иннэ ыытабын, чаанньык суох,
(Кэлэ да илик быһыылаах)
Диплом ылан, үлэһит буолуом
Үөрэх бүтүө — өссө ыраах.
Үөрэх кытаанах, соло диэн суох.
Үлэлиибин, үөрэнэбин,
Бэл, хоһоон даҕаны суруйуох,
Соло булбат күннэнэбин.
Ийэм эрэйдээх, үнтү түһэн
Өлүмээрэй диэҥҥин, миигин:
«Эчи, куттала бэрт, сиринэн
Сүүрдэн кэл!» — диэн сүбэлиигин.
Оҕону, дьону таптааччынан
Учууталлыам дии саныыбын
Уонна эдэр суруйааччынан
Сылдьан, кырдьыам диэн ыксыыбын.
Куттаныма, мин үнтү түһэн
Өлүөм суоҕа, өлбөтөҕүм,
Тиэтэйэн, бука дьэ, үөһэнэн
Тиийиэм, ийээ, аны күһүн.
Этэҥҥэ олор! Иннэҕинэн
Этэрбэстэ тигэн уураар,
Булка кэтиэм, чаанньыгы
Бэйэм таһаарыам, самолёт да баар.
1949 с.
36