Page 34 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 34
Тыыннаах тыл
y «Хааннаах хара баттах» хоһооҥҥо бэйиэт туттубут символ уоба-
раһын суолтата, ис хоһооно, сүрүн санаата тугуй?
y Бэйиэт бу хоһооҥҥо сэрии алдьархайын көрдөрөр уус-уран
ньымаларын, чаҕылхай уобарастарын кэпсэтиһиҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
1947 сыллаахха Т. Е. Сметанин 27 саастааҕа. Баара-суоҕа 27. Ки-
нини айар үлэ элбэҕи эрэннэрэр умсулҕаннаах суола күүтэрэ. Биһиги,
кини доҕотторо уонна ааҕааччылара, кини эгэлгэ өйүнэн күлүмүрдүүр
модун талаанын саҥаттан саҥа чыпчаалынан көрүөхпүт диэн эмиэ
улаханнык эрэнэрбит. Ол эрэлбит туолбатаҕа…
Былыргы кутурҕаннаах номох баар: өлбүттэр кырдьары билбэттэр.
Мин, Т. Сметанины санаатарбын эрэ, кини бүтэҥи соҕус эрчимнээх
саҥатын субу истэн, кини үгүһү билбит эрээри оҕолуу мичилийэ
сылдьар хара харахтарын, айар үлэ күүрээнинэн сырдаабыт эдэр-
кээн сирэйин субу көрөн кэлэбин. Барыбыт даҕаны өйбүтүгэр кини
мэлдьитин итинник эдэр хаалыа. Төһө да күн-дьыл ааспытын иһин
эмиэ эргэрэр, сымсыыр, суолтатын сүтэрэр диэни билиэхтэрэ суоҕа
суруйааччы бастыҥ айымньылара.
Сылтан сыллар солбуллан, ааҕааччылар саҥаттан саҥа көлүөнэ-
лэрэ кэлэн иһиэхтэрэ. Ол дьон илиилэриттэн хаһан да арахсыахтара
суоҕа Тимофей Сметанин кинигэлэрэ. Итинник умсулҕаннаах үрдүк
аналга тиксибит киһи, кырдьык, этиэн сөп этэ:
— «…Сирдээҕи дьолу билэбин!» — диэн.
Софрон Данилов
Аах. Бил. Туһан
1. Копырин Н. З. Тимофей Сметанин. Олоҕо уонна айымньы
та. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1976.
2. Рожин И. Н. Умуллубат сырдык чүмэчи // Хотугу сулус. —
1980. — 8 №. — С. 112—115.
3. Тимофей Сметанин туһунан ахтыылар. — Дьокуускай, 1999.
34