Page 39 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 39
Атырдьах, кыраабыл тутуурдаах
Ол ахсын эйигин сүкпэтин.
Эн дьоҥҥор: «Мин отчут иччим, — диэ,
Саа, ыстыык диэн «оттуур» сэптэнэр,
Ол саҥа «үлэҕэ» бу мин, — диэ, —
Туос иһит тулуйбат үһүбүн.
Ол иһин бу Лена сүүрүгэр
Олорон мин кэллим», — диэн көһүн!
Өссө эт мин таптыыр хотуммар
Мин бигэ илдьиппин, туос тууйас:
«Эн эриҥ эһиилги сайыммар
Эргиллиэм», — диэтэ диэн.
. . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .
. . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .
Бырастыый, туос тууйас, бырастыый,
Мин бигэ илдьиппин умнумаар,
Дойдугар эн бастаан устан тиий,
Элбэх диэн кэһиитэ уурдараар!
1943 с.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Тууйас» хоһооҥҥо иэйии уйулҕа ханнык дэгэтин көрдөрөр
аналлааҕый?
2. Эһиги санааҕытын хоһоон ханнык строфата ордук долгутта?
Тоҕотун быһаарарга холонуҥ.
3. «…Бырастыый, туос тууйас, бырастыый» — диэн этии
дэгэт санаатын кэпсэтиһиҥ.
4. Туос тууйаска бэйиэт ханнык ураты өйдөбүллэрин, кутун
сүрүн кистэлэҥин, түгэх санаатын уобарастаан, дэгэттээн
биэрэрин кэпсэтиһиҥ.
БИҺИК ЫРЫАТА
Ыраас, көмүс ый көрдө
Кыараҕас түннүгүнэн,
Оргууй дайбаан ууҥ көттө,
Оҕом, эн үрдүгүнэн.
Чэбдик, кэрэ бараан түүн
Түстэ Ийэ дойдубар.
39