Page 43 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 43
МАКАР ИВАНОВИЧ КУЗЬМИН—МАКАР ХАРА
(1915—1981)
Бэйиэт, тылбаасчыт Макар Ивано
вич КузьминМакар Хара Таатта
улууһугар 1915 сыллаахха муус устар
26 күнүгэр төрөөбүтэ.
Макар Иванович 1932 сыллаахха
Өрөспүүбүлүкэ рабочай селькорда
рын I кэмпириэнсийэлэригэр бастыҥ
үлэлээх суруналыыс быһыытынан кыт
тыбыта. Ити хайысха кинини олох аар
тыгар таһаарбыта.
Эдэр киһи үөрэҕи ылынымтыа этэ.
Ол курдук Дьокуускайдааҕы тыа хаһаа
йыстыбатын техникумун, онтон кэлин
Москватааҕы Коммунис тическай ин
ститут суруналыыстыкаҕа салаатыгар үөрэммитэ.
1938—1939 сыллардаахха Саха сирин Суруйааччыларын
сойууһун тэрийэр бүрүөтүн сэкирэтээрэ этэ.
Уон сылтан ордук кэмҥэ «Кыым» хаһыакка отдел сэбиэ
дис сэйинэн үлэлээбитэ. Сэрии саҕаланыан аҕай иннинэ,
1941 сыллаахха, Бүтүн Сойуустааҕы быыстапка үлэтигэр кыт
тыыны ылбыта.
Макар Иванович КузьминМакар Хара 1941 сыллаахха
атыр дьах ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Ленинградскай,
I Белорусскай, I Прибалтийскай фроннарга хорсуннук сэрии
лэспитэ. Бойобуой үтүөлэрин иһин Кыһыл Сулус уордьанынан
уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Лейтенант звание
лааҕа. 1945 сыл ахсынньыга демобилизацияланан дойдутугар
кэлбитэ.
Олоҕун тиһэх сылларыгар, ол да инниттэн, «Хотугу сулус»
сурунаалга үлэлээбитэ. Кэлин, ыарытыйар да буолан баран,
уоппускаҕа барбыт үлэһиттэри солбуйара, сурунаал сыл уста
та таһаарбыт айымньыларын, ыстатыйаларын библиография
тын түмэн, оҥорон биэрэрэ. 1981 сыллаахха атырдьах ыйын
26 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
Макар Иванович КузьминМакар Хара бастакы хомуурун
ньуга 1937 сыллаахха тахсыбыта. Фронтан хоһооннорун
ыыта ра. А. Твардовскай, В. Маяковскай, Самед Вурбун, Сер
гей Михалков, Мирзо Турсунзаде, Г. Тукай, о.д.а. классичес
кай айымньыларын сахалыы тылбаастаабыт сүҥкэн улахан
43