Page 38 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 38

Саллаат, умнума саллааккын,
                              Ыһыктыма үрдүк ааккын!

                                                               1946 с.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар

                1.  Кыайан­хотон,  ытык  иэһин  толорон  эргиллибит  саллааты
                   дойдутугар туох күүтэр эбитий?
                2. Саллаат үрдүк аата диэн бэйиэт тугу ааттыырый?
                3.  Бэйиэт сэрии кэмигэр уонна сэрии кэнниттэн саллаат уоба­
                   раһын көрүүтүн кэпсэтиһиҥ.


                                                            ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

                1.  Дьуон  Дьаҥылы  хоһооннорун  тутула.  Кэрчиккэ  дорҕоон
                   дьүөрэлэһиитэ (аллитерация, ассонанс, рифма).
                2.  Дьуон Дьаҥылы хоһоонноругар ис хоһоон уонна тутул ал­
                   тыһыыта.



             Ааҕыы, сэһэргэһии

                                         ТУУЙАС
                             Таҥалай тигиилээх туос тууйас,
                             Ленаны таҥнары устан сыый!
                             Таптаабыт дойдуттан туруу ас
                             Эн искэр баранна, бырастыый!

                             Сүүрүккэ сүктэрэн лэглээрэ
                             Сүүһүнэн көстөрү чиэрэстиий,
                             Биир да чаас тохтоомо, элээрэ
                             Мин билэр биэрэкпэр устан тиий!

                             Дойдугар устан тиий уонна эт
                             Эн иччиҥ фроҥҥа барбытын,
                             Лэппиэскэ, арыы да балык, эт
                             Эн искин киэптээбэт буолбутун.
                             Аны күн тахсыыта хотуурдаах
                             Эн иччиҥ хочоҕо киирбэтин,

              38
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43