Page 37 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 37

Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Ийэҕэ  анаммыт  сэрии  кэмигэр  уонна  сэрии  кэнниттэн  су­
               руллубут хоһооннор сүрүн санаалара тугу кэрэһилииллэрин
               быһаарсыҥ.
            2.  Сэрии  кэннинээҕи  саха  эйэлээх,  уу  нуурал  олоҕун  укулаа­
               тын көрдөрөр уобарастары булан ырытыһыҥ.
            3.  Бэйиэт бэйэтин аналын, дьылҕатын өтө көрбүтүн тиэкистэн
               булан кэпсэтиһиҥ.


                               САЛЛААТ ДОҔОРБОР
                          Сэрии тыастара сүттүлэр,
                          Сирдэр күөҕүнэн күллүлэр
                          Эйэ, кыайыы үөрүүтүнэн.
                          Эмиэ үлэ күүрүүтүнэн
                          Биһиги күммүт күөрэйдэ,
                          Итии, өҥ-илгэ эргийдэ.
                               Тохтубут хааммыт иэстэннэ,
                               Дойдубут модун күүстэннэ.
                          Өстөөхтөрү кырга, кырыы,
                          Өлүү, бааһырыы, быстарыы
                          Эрэйин көрдөр да эр чиэскин,
                          Ийэ сиргэр ытык иэскин
                          Толордуҥ, — саллаат, саллааттыы,
                          Дьол күнүн көрдүҥ ураатыы.
                               Тохтубут хааммыт иэстэннэ,
                               Дойдубут модун күүстэннэ.
                          Дьэ, туох иннигэр ыар поход
                          Суолун тэлэн бүттүүн норуот,
                          Дойду иһин, партия иһин
                          Өрө күүрэн өрүү — «вперёд»
                          Барар этибит бу биһи?!
                          Кыргыспыппыт кыайыы иһин.
                               Саллаат, умнума саллааккын.
                               Ыһыктыма үрдүк ааккын!
                          Кыргыспыппыт кыайыы иһин,
                          Хааммытын биэрпит бу иһин.
                          Олоххо, дьиэҕэ эргиллэр
                          Уруйдаах күммүт дьэ кэллэ,
                          Үлэлээ, саллаат доҕорбут,
                          Үчүгэй буоллун олохпут!

                                                                       37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42