Page 41 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 41

Ыйытыылар уонна сорудахтар

               Бэйиэт «Биһик ырыата» хоһооҥҥо сэриигэ барбыт аҕа, эдэр­
            кээн  ийэ  уонна  кыракый  оҕо  ситимнэрин  ханнык  ньыманан
            тиэрдибитин быһаарыҥ.



                Тыыннаах тыл

            Дьуон Дьаҥылы хоһоонноруттан талан ылан өйгө үөрэтиҥ.


                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

               Дьуон Дьаҥылы айар үлэтигэр анаан бөлөҕүнэн биктэриинэ­
            тэ толкуйдаан таҥыҥ, тэрийэн ыытыҥ.


                Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

            Биир дойдулааҕа И. Макаров ахтарынан, Дьуон Дьаҥылы Илиҥҥи
         фроҥҥа  тимир  суолунан  айаннаан  иһэн  Залари  ыстаансыйаҕа  тап-
         тыыр  бэйиэтин  Александр  Пушкин  айымньыларын  сэдэх  кинигэтин,
         баһаарга түбэһэ түһэн, 25 солкуобайга атыылаһан олус үөрбүт. Бу ки-
         нигэни куруук илдьэ сылдьан, быыс көһүннэр эрэ, ааҕар эбит. Оччоҕо
         дойдутугар тыыннаах эргиллэн, өртөн ыра санаа оҥостубут «Евгений
         Онегины» сахалыы тылбаастыыр баҕата күөдьүйэр, күүһүрэр эбит.
            Эмиэ дьоппуоннары утары сэриилэспит, Дьуон Дьаҥылыны бэркэ
         билэр  П. Данилов  кэпсииринэн,  Хайлар  хайа  аттыгар  баар  ыстаан-
         сыйаҕа тиийбиттэрэ: биир урусхалламмыт таас дьиэ аттыгар нуучча
         саллааттарын  өлүктэрин  быыһыгар  Дьуон  Дьаҥылы  сытарын  түбэһэ
         көрө  түспүт.  Киһитэ  тыыннаах  эрээри  өйө  суох  улаханнык  хардыр-
         гыы  сытар  эбит.  Кинини  санчааска  илпит  дьон:  «Саллаат  суумката
         толору кинигэ этэ, ол быыһаабыт», — диэбиттэр. Ол кинигэлэриттэн
         биирдэс тэрэ, таптыыр Пушкинын халыҥ кинигэтэ, оскуолак тэбиитин
         күүһүн арыый уҕарыппыт буолуон сөп эбит.
            y  «Евгений  Онегин»  арамаан  бу  кэрчигин  (эбэтэр  бэйэҥ  ор­
            дук  сөбүлээбит  кэрчиккин)  Дьуон  Дьаҥылы  тылбааһын  кыт­
            та тэҥнээн (ис хоһоонун, тылын, кээмэйин) ырыт. Аатырбыт
            онегинскай строфаны тылбаасчыт хайдах тутуспутун болҕой.
         Я вам пишу — чего же боле?         Эйиэхэ суруйан эрэбин —
         Что я могу ещё сказать?            Онтон ордук хайыам этэй?

                                                                       41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46