Page 44 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 44

үтүөлээх. Кини хоһоонноругар суруллубут 30­тан тахса ырыа­
             ларын  Саха  сирин  былаһын  тухары  билигин  да  ыллыыллар.
             Макар  Иванович  Кузьмин­Макар  Хара  10  кинигэтин,  баай  ис
             хоһоонноох поэтическай нэһилиэстибэтин, хаалларбыта.



             Ааҕыы, ырытыы

                                        ДОҔОРБОР

                            Санаттыҥ бу ырыа ол кэми,
                            Сайыҥҥы намыын түүн чуумпутун.
                            Чуумпуну аймаабыт этиҥи
                            «Тугуй?» диэн, эн миигин кууспутуҥ.

                            Ол онтон унаар күөх айылҕам
                            Уйгууран, уһуктан кэлбитэ.
                            Долгуйан, абаран-сатаран,
                            Туох буолтун сүрэхпит билбитэ.

                            Ыстыыкка бөрүөбүн солбуйан,
                            Ыраатар, мин барар буолбутум.
                            Санньыйан, доҕорум, долгуйан,
                            Санныбар тайанан турбутуҥ.

                            Эрэллик эн көрөн бараҥҥын,
                            Истиҥ дьиҥ санаабын билбитиҥ.
                            Илиибин ыгатык тутаҥҥын,
                            Эн онно бу курдук эппитиҥ.

                            Санаама, фроҥҥа барарбар
                            Санааргыы, саарбахтыы хаалар диэн.
                            Эрэнэ хаалабын эн тускар,
                            Этэҥҥэ, кыайыынан эргиллиэҥ!..

                            Кытыастар уотунан кырбаһар
                            Кыргыһыы суолугар аргыһым —
                            Күндүтүк, кэрэтик санаһар,
                            Көмүһүөм, ол үтүө алгыһыҥ!

                                                    1941 с., балаҕан ыйа







              44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49