Page 49 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 49
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Сэрии кэминээҕи литература тиэмэтин, уратытын, жанро
вай арааһын туһунан ырытыыта оҥоруҥ.
2. Макар Хара лиирикэтигэр сэрии уонна кыайыы, өлүү уонна
олох, таптал уонна таҥнарыы тиэмэлэрэ хайдах алтыһал
ларын кэпсэтиһиҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Сэрии саҕаламмытыгар Макар Кузьмин Кыһыл Аармыйаҕа по-
литүлэһитинэн 1943 сыл атырдьах ыйыгар диэри 258-с зенитно-ар-
тиллерийскай дивизияҕа сулууспалаабыт. Взвод хамандыырынан,
рота хамандыырын солбуйааччытынан сылдьыбыт. Белоруссияны,
Прибалтиканы уонна Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Ыарахан-
нык бааһыран, контузия ылбыта. Хас да бойобуой наҕараадалар даах.
Фроҥҥа Макар Хара саанан-саадаҕынан өстөөхтөрү сууһарарын та-
һынан өссө уус-уран тыл күүһүнэн эмиэ охсуспут. Сынньалаҥ кэми-
гэр хоһоон хоһуйан, «Кыым» хаһыакка ыытара. Саха дьонун фроҥҥа
көрүстэҕинэ, суруктарын тэрийэн эмиэ хаһыакка ыытар эбит. Ол кур-
дук «Саргылаана» хоһооннорун хомуурунньуга 1943 сыллаахха тах-
сыбыт. «Тиийдилэр эн ырыаҥ тыллара» диэн Күннүк Уурастыырапка
анаабыт хоһоонун 1944 сыллаахха ыам ыйын 30 күнүгэр ыыппыт.
1945 сыл лаахха ахсынньыга демобилизацияламмыт. Бэйиэт сэрии,
буорах сыттаах хоһоонноро «Кыым» хаһыакка тиһигин быспакка кэ-
риэтэ бэчээттэнэллэрэ уонна оччотооҕуга тута кэриэтэ ырыа буолан
араадьыйанан толоруллан, киэҥ Саха сирин тилийэ көтөллөрө.
Күндү доҕотторум, Саха театрын үлэһиттэрэ!
Фроҥҥа баран иһэр драматург Суорун Омоллоон, бэйиэт Сергей
Васильев эһиги ыыппыт саха сэрииһиттэригэр бэлэххититтэн биир
дэстэрин миэхэ туттардылар. Күн сирин көҥүл олоҕун, көмүс дьолун
көмүскэлигэр кыырыктаах кыргыһыыга Кыһыл Армия кэккэтигэр сыл
дьар саха уолаттарын алгыһы, тапталы кытта ахтансанаан ааһаргыт
иһин, дириҥник долгуйан туран үөрэбин, махтанабын.
Эһигинэн тустаан бар дьоммут эрэллэрин, Ийэ дойдубут иннигэр
иэспитин биһиги туйгуннук толорон, кыргыһыы толоонуттан кыайыыны
кынаттанан тиийэрбитигэр кыратык даҕаны саарбаҕалыы барбаппыт.
Сотору Өлүөнэ биэрэгэр, сарпа көмүс сардаҥатын күлүмүгэр
үөрэкөтө көрсүһүөхпүт диэн эрэнэбин.
Эһиги биһигини эрэниҥ, биһиги эрэнэрбит курдук истиҥник,
күүстээхтик. Айар үлэҕитигэр саҥа кыайыылары ситиһэргитигэр,
төрөөбүт норуоккутугар киһи сүрэҕинбыарын долгутар, Ийэ дойдуга
муҥура суох таптал тыыныгар киһини иитэр, өһүөннээх өстөөхтөргө
49