Page 52 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 52
иһирэх иэйиилээх кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ дьон болҕомтотун
тарпыттара.
Саха поэзиятыгар Семён Данилов, Моисей Ефимов, Леонид
Попов, Иван Гоголев, Баал Хабырыыс, о.д.а. хас биирдиилэрэ
туспа суоллаах-иистээх, ураты куоластаах дьон киирбиттэрэ.
Ырыа буолан тарҕаммыт лириичэскэй хоһоону сэргэ поэ-
зия эпическэй жанра сайдыбыта: баллаадалар, бэйиэмэлэр,
хоһоо нунан арамааннар, сэһэннэр айыллыбыттара.
Бу кэм драматургияҕа бастыҥ айымньыларынан Т. Смета-
нин «Ньургуһун уонна Лоокуут» диэн норуот айымньытын ма-
тыыбынан суруллубут лириичэскэй дыраамата, В. Протодья-
конов «Манчаары» диэн историческай дыраамата, С. Ефремов
«Чуумпу кытыл» кэмиэдьийэтэ ааттаммыттара.
Сталиҥҥа сүгүрүйүү омсотун арыйыы Саха сиригэр
1962 сыл лаахха баартыйа обкома А. Е. Кулаковскай, А. И. Соф-
ронов, Н. Д. Неустроев нэһилиэстибэлэригэр кэккэ сыллар
усталарыгар олоҕурбут сыһыаҥҥа сымнатыыны киллэриитин
кытта ситимнээх. Нуучча да, саха да литературатыгар «ириэ-
рии» кэминэн ааттаммыт 60-с сыллар, кырдьык да, тахсыылаах,
үүнүүлээх буол буттара. Уус-уран айымньыга жанр сайдыыты-
гар саҥа уоба рас, конфликт, идиэйэ киириитэ сабыдыаллаа-
быта. Поэзия ҕа биһирэмнээх дьоруойу көрдөөһүн Баал Хабы-
рыыс «Көннөрү киһи кэпсээнэ» диэн хоһоонунан сэһэнигэр,
И. Гоголев «Күн хайата», Р. Баҕатаайыскай «Уолаттар уонна
кийииттэр» диэн хоһоо нунан арамааннарыгар саҕаламмыта.
Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааныгар
Аласов, В. Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» (1969 с.) ара-
мааныгар Ирбитин уонна Тугутов оччотооҕу кэм уһулуччу лаах
дьоруойдарынан буолбуттара. Дьиҥнээх талаан ханнык да
хааччахха хаайтарбатаҕа. 60—70-с сыллар саха прозатыгар
бөдөҥ жанрдар күүскэ сайдыыларынан доҕуһуолламмыттара.
Сэһэн, арамаан жанра ахсаан да, уопсай таһым да өттүнэн
үүммүтэ. Ол курдук, үлэ-хамнас утарсыытын В. Протодьяко-
нов, С. Данилов; норуот ааспыт олоҕун, устуоруйатын Болот
Боотур, А. Сыромятникова, Н. Заболоцкай-Чысхаан, С. Дани-
лов, Л. Попов, Н. Якутскай, П. Аввакумов; сиэр-майгы, уйул-
ҕа, ис турук утарсыытын Амма Аччыгыйа, Н. Якутскай, о.д.а.
айым ньыларыгар арыйбыттара. Ордук проза ойуулуур эйгэтэ,
ыыра кэҥээн, проблемата элбээн, дириҥээн, көрүҥэ үксээн,
байан испитэ. Саха дьонун өйө-санаата, Саха сирин ыырыттан
тахсан, Аан дойду кээмэ йинэн киэҥник анаарарын, киэҥ, ди-
риҥ эбитин бу кэм бастыҥ суруйууларыттан ааҕан итэҕэйэбит.
52