Page 51 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 51

САХА ЛИТЕРАТУРАТЫГАР
                КИҺИ ДЬЫЛҔАТА, ӨЙҮН УУҺУН КҮҮҺЭ
                               (1950—1970 сс.)


            Сэрии  кэнниттэн  бүтүн  Сойуус  үрдүнэн  биир  киһи  ааты-
         гар  сүгүрүйүү  олус  улааппыта:  Аан  дойду  иккис  сэриитигэр
         Сэбиэскэй  Сойуус  кыайыыта  Сталин  муударайын,  нуучча  но-
         руотун  уһулуччу  айылгытын  арбыыр  суолунан  барбыта.  Саха
         үөрэхтээхтэрин  ортотуттан  националиһы,  норуот  өстөөҕүн
         көрдөөһүн,  хаайыы  хат  күөдьүйбүтэ.  Ол  курдук,  устудьуоннар
         ортолоруттан  М. С. Иванов  (кэлин  Багдарыын  Сүлбэ  аатынан
         норуокка билиннэ), В. С. Яковлев (кэлин биллиилээх суруйаач-
         чы буолбут Далан), оччолорго суруйааччы быһыытынан талаа-
         на саҥа арыллан эрэр А. Фёдоров хаайыллыбыттара. Кэтэнии,
         сэрэхэдийии  тыына  саба  бүрүүкээбитэ.  Сэрии  кэмигэр  бэ-
         чээттэммит А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов, Н. Д. Неустроев
         литературнай  нэһилиэстибэлэрин  чөлүгэр  түһэриигэ  Г. П. Ба-
         шарин «Саха үс реалиһа-сырдатааччыта» диэн кинигэтин тула
         хат  күүркэйбит  мөккүөр  литература  сайдыытын  атахтаабыта.
         Кэм дьоруойун көрдөрүүгэ ханнык да салайааччы, омук мөкү,
         куһаҕан быһыытын, олох ыарахан, хараҥа өттүн сырдатыы та-
         быллыбат  буолбута.  Ол  сэбиэскэй  олоҕу  баһааҕырдыы,  ха-
         раардыы,  омугумсуйуу  курдук  сыаналанара.  Нуучча  норуо-
         тун,  хомуньуус  баартыйатын,  Ленини,  Сталины  арбааһын  хас
         биир дии суруйааччы ытык иэһин, эбээһинэһин курдук ирдэнэр
         буол бута.  30—40-с  сыллардааҕы  бөдөҥ  айымньы  ирдэбилгэ
         сөп түбэһиннэрэн көннөрүлүннэҕинэ эрэ хат бэчээттэнэрэ.
            Сэрии  кэннинээҕи  кэмҥэ  Николай  Якутскай  «Төлкө»  ара-
         маана, «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнэ дьон-сэргэ биһирэбилин ыл-
         быттара. Итини тэҥэ Тимофей Сметанин, Афанасий Фёдоров,
         Дмитрий  Таас,  Софрон  Данилов,  Николай  Габышев  истиҥ,

                                                                       51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56