Page 50 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 50
уордайбыт өстүйүүнү өрө күөртүүр саҥа кэрэ бойобуой айымньы
лары биэрэргитигэр баҕарабын.
Эһиги доҕоргут лейтенант М. КузьминХара,
атырдьах ыйын 29 к.
Дьэ, арҕаа ырааттар ыраатан иһэбит. Сотору торҕон кыыл хороо
нугар тиийдэрбит диэн буолар. Бу бүтэһик сырыыбар да иэспин чиэс
тээхтик толорон эргиллиэм, эһигини көрсүөм диэн истиҥник эрэнэ
бин. Оо, хаһан эрэ көрсөбүт, бачча тулуспут киһи, сэрии бүтэһик
күнүн көрдөрбүн диэн, эрэхтурах саныыбын.
1944 сыл, от ыйын 2 к.
Норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйа: «Сэриигэ сылдьар, урук-
ку өттүгэр киэІник биллибэтэх эдэр бэйиэт Макар Хара сэрии кэми-
гэр обургутук үүннэ. Саха сириттэн ыраах Ленинграды саха киһитэ
көмүскээн кыргыһарын кини: «Ленатын кытылын көмүскүүрүн кэриэ-
тэ» буоларын хоһуйуу — дьиІнээх үрдүк сэбиэскэй патриотизм», —
диэн сыаналыыр.
Норуодунай бэйиэт Савва Тарасов: «Макар Хара саха атын сэрии-
һит бэйиэттэриттэн уратыта диэн, ханна да сырыттын, тиийдин-тү-
гэннин, харандааһын илиититтэн ыһыктыбатах эбит», — диэн суруйар.
y Макар Хара уулаах окуопаҕа олорон суруйан, «сэрии кэми
гэр обургутук үүммүтүн» көрдөрөр хоһооннорун 2016 сыл
лаахха тахсыбыт «Талыллыбыт айымньылар» кинигэттэн
(хомуйан оҥорооччу — Е. Винокуров) булан ааҕыҥ.
Аах. Бил. Туһан
1. Винокуров Е. Г. Макар Хара — Улуу Кыайыы ырыаһыта. —
Дьокуускай, 2015.
2. Макар Хара. Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай,
2016.
3. Савва Тарасов. Ыҥырыыга саха уола… — Дьокуускай, 2005.
50