Page 33 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 33

Ааҕыы, сэһэргэһии

                             ХААННААХ ХАРА БАТТАХ
                        Бу тугуй?! Сүрэх кыланна.
                        Хааннаах хара баттах…
                        Эдэр сылдьан күлбүт-үөрбүт
                        Иэдэстэрэ, уостара тымныйаннар,
                        Хаһан эрэ күлүм-мичик көрбүт
                        Хара төлөн харахтара сабылланнар,
                        Еврей аҕаттан төрөөбүт «буруйугар»
                        Сидьиҥ өстөөх илиитигэр түбэһэн,
                        Сэймэктэммит эдэр эбит...
                        Доҕорум, ыраах доҕорум
                        Долгуйар суһуохтуун хаалбыта...
                        Оо, үкчүтүөн бу хара баттах,
                        Онтон сүрэҕим ытаата.

                        Хааннаах сэрии холоруктуур,
                        Халбас хара дьылҕа атын миинэн,
                        Илбистээх ньиргиэр атаакаҕа
                        Мин киирэн истим.
                        Хааннаах хара баттах хамсыыр,
                        Хатыылаах кылынан сүрэҕи тарбыыр,
                        Мэндээркэй хара харахтар
                        Миигин супту анаараллар,
                        Ол сабыллыбыт уостар аһылланнар:
                        «Өһүөннээ», — диэн ыҥыраллар.
                        Хааннаах хара баттах хамсыыр,
                        Хараҥаҕа күөх уот буолан сырдыыр.
                        Ситиһии силлиэтэ сүрэхпин үрэр,
                        Түөспэр саҥа күүс күүрэр.
                        Ньиргийэн ааста охсуһуу.
                        Немец үрдүгэр немец сытар,
                        Хааннаах кугас фашист баттаҕын
                        Хаҕыс тыал хамсатар.
                        Бу кэмҥэ сүрэх көнньүөрэр,
                        Санаа халлааныгар күн көрөр.
                                                           1943 с.




                                                                       33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38