Page 23 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 23
Күһүҥҥү тымныы түүн
Хаһыҥынан хаарыйан
Хагдарытара буолбатах,
Ньургун норуоппут
Сирин-дойдутун киэргэлин,
Синньэ-дьэрэкээн симэҕин
Хаанымсах фашистар
Хаһан даҕаны
Хагдарытыахтара суоҕа!
Сирилэс буурҕалар
Силлиэрэн түһэннэр
Куодалаах тииттэри
Кумалыыллара буолбатах —
Улуу норуоппут
Уһааран ииппит
Уолаттарын, кыргыттарын,
Уотунан-биинэн уоҕурҕаабыт
Очуос-аппа ороспуонньуктара
Охторуохтара суоҕа!
Күндээр-сандаар
Күлүмнүүр күн уотун
Күдэрик былыттар
Күөнтүүллэрэ буолбатах —
Көҥүлбүт сырдыгын
Күөх биинэн тэлэкэчийбит
Көлдьүттэр, фашистар,
Күлүктүөхтэрэ суоҕа!
Кырдьыкпыт иһин охсуһабыт,
Кыайыы биһиэхэ буолуоҕа!
Төрөөбүт сирбит иһин охсуһабыт,
Түмүк биһиэхэ буолуоҕа!
Дьэ эрэ, күүһү-уоҕу түмүөҕүҥ!
Дьэ эрэ, тутта-хапта түһүөҕүҥ!
Эрдээх эрдээҕин биллэрэр
Эриирдээх кэмэ дьэ кэллэ!
Тутуулаах тутуутун көрдөрөр
Туһааннаах күнэ дьэ үүннэ!
Дьэ эрэ,
Кыптыыйдаах, кыптыыйгын
Түргэнник кыбырҕат!
Дьэ эрэ,
23