Page 20 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 20
Тэлгэһэҕит иһигэр
Тимэх сибэкки тэлгэннин,
Алардаргыт иэнигэр
Алтан сибэкки таҕыстын,
Ыллыыр-туойар саҥаҕыт
Ыраах быдан дуорайдын,
Торҕо солко буруоҕут
Толоон диэки субуйдун!
1944 с., муус устар
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт дууһатын аймалҕанын ханнык кэрчиккэ ордук
күүстээхтик хоһуйарый?
2. Сэрии алдьархайа ордук туохха суоһуурун, тугу алдьатарын
хоһоонтон булуҥ, тылынөһүн булан быһаарыҥ.
3. «…Ороспуой фашистары
Уолуктарын хороҕолоору,
Уодай хаана хааннанан,
Ох курдук оҥоһуннум…» — диэн айыы айылгылаах саха
киһитин туруга, сиэрэмайгыта уларыйыытын кэпсэтиһиҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
АНДАҔАР
Ээй,
Дьэ эрэ, күүһү-уоҕу түмүөх!
Дьэ эрэ, тутта-хапта түһүөх!
Буулдьа толлон улуйан,
Буурҕа курдук ытаата,
Олох-дьаһах барчаланан,
Урусхал курдук кумаланна…
Истиҥ эрэ!
Эр биллэр
Эриирдээх кэмнэрэ
Элиэ кыыллыы
Элиэтэһэн кэллилэр;
Сор туолар
20