Page 24 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 24
Хотуурдаах, хотуургун
Сытыылаан кылбаҥнат!
Дьэ эрэ,
Биир бэйэҥ биэс буол,
Дэбилий эрэ, баай-дуол!
Ким көрөн туруой,
Ким тутах туттуой?!
Ким
Үрүҥ күммүт
Өлбөөрдүн диэй?!
Ким
Кэрэ кэскилбит
Кэҕиннин диэй?!
Ким
Куораппыт, селобут
Хоруордун диэй?!
Ким
Оруосканан таһыллан,
Оҕустуу көлүллүөх диэй?!
Ким
Төрөөбүт сирбит
Түрмэ буоллун диэй?!
Ким
Ыллыыр оннугар
Ытыах-соҥуох диэй?!
Суох!
Суох!
Тылбыт хамсыырын тухары
Инньэ диэхпит суоҕа!
Тыыннаахпыт тухары
Иннибитин биэриэхпит суоҕа!
Баараҕай күүһүнэн
Бары тахсан,
Аалай чаҕыл күн
Анныгар мустан —
Албаннаах Ийэ сир аатыгар,
Айхаллаах Армиябыт иннигэр
Аан дархан андаҕары
Андаҕайан эрэбит!
Уоттаах харахпыт
Уһуктаныа-сытыыланыа! — диэн,
24