Page 22 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 22
Билэбит туох иһин охсуһары!
Билэбит ким иннигэр турунары!
Урукку үйэҕэ
Оруосканан таһыллыбыппыт,
Тойокко тобуктаан
Токуйа хаппыппыт,
Кулаакка кулуттаан,
Курдаҥ тииттии куурбуппут…
Оннук кырыыһы
Уотунан утарсан,
Баатырбыт — нууччабыт
Бастаабыт суолунан,
Күүрээннээх күүһүнэн,
Күргүөрдээх этиҥинэн
Тоҥ хаайыылары
Тоҕута түспүппүт…
Улуу Ийэ сирбит
Бу киирбэт
Күндэлэс күнүгэр,
Бу төрөөбүт сирбит
Төлкөлөөх иэнигэр —
Уһуору аспыппыт,
Уйгуну тарпыппыт,
Көҥүллүк тыыммыппыт,
Күн дьоно буолбуппут.
Ону араҥаччылыыбыт,
Ол иннигэр охсуһабыт!..
Андаҕайабыт —
Аламай күнүнэн,
Илбиһирбит фашистар
Ирбинньик күлүктэрэ даҕаны —
Төрөөбүт сирбитигэр
Түһүө-түбүлүө суоҕа!
Аан дойду талаанньыттарын,
Айан суолун түөкүттэрин,
Аҥаар атахтара даҕаны —
Үкэр күөх оппутугар
Үктэниэ суоҕа!
Көҕөн кус
Көҕүлүн түүтүн курдук
Күөх унаар ачаны
22