Page 5 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 5
САХА ЛИТЕРАТУРАТА АҔА ДОЙДУ
УЛУУ СЭРИИТИН КЭМИГЭР. ЫТЫК ИЭС
(1941—1945 сс.)
Аҕа дойду сэриитин унньуктаах түөрт сыла саха норуотугар
алдьархайынан ааҥнаабыта. Дьон саамай чулуута, кыайыы-
лаах-хотуулаах өттө, эдэрэ, чэгиэнэ сэриигэ ыҥырыллыбыта,
үгүстэр кыргыһыы хонуутугар охтубуттара. Саха сирин 20-чэ
суруйааччыта: С. Р. Кулачиков-Эллэй, А. Г. Кудрин-Архыып Аба-
ҕыыныскай, Н. К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныс тыырап, Т. Е. Сме-
танин, С. А. Саввин-Күн Дьирибинэ, П. Н. Тобуруокап, И. И. Ар-
тамонов, И. И. Эртюков, И. П. Никифоров, о.д.а. саа-саадах
тутан Аҕа дойдуларын көмүскэспиттэрэ.
Литература — олох сиэркилэтэ. Олох тугунан тыынарый да,
литература ону сырдатар, тыктарар. Аҕа дойду Улуу сэриитэ
эйэлээх, саҥа олоҕу тутууну туора түспүт моһол курдук көстү-
бүтэ. Бу кэм айымньылара маннык сүрүн уратылаахтар:
— үрдүк өрө күүрүүлээх, өстөөҕү кыайарга-хоторго ыҥырар
хоһооннор, дыраама, проза наада этэ. Маныаха саха тылынан
уус-уран айымньытын уобарастара, ойуулуур ньымалара ордук
табыгастаах буолбуттара. Уоран-талаан түс пүт өстөөх абааһы
бухатыырын уобараһыгар тэҥнэммитэ, оттон айыы бухатыыра
сэбиэскэй киһи мөссүөнэ буолан көстүбүтэ. Алгыс, кырыыс,
андаҕар илбистээх, саталаах тыллара этиллэн барбыттара.
С. Васильев, М. Тимофеев-Терешкин маннык тосхоллоох но-
руок ка би һирэммит айымньылара бэчээттэммиттэрэ.
— Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин, Гражданскай сэрии героика-
тын хоһуйбута. Сэрии иннигэр норуот өстөөҕөр холбоммут,
реакционнай күүстэринэн ааттаммыт бастыҥ дьонтон сорох-
торун аата тиллибитэ. Саха бастакы суруйааччыларын А. Е. Ку-
лаковскай, А. И. Софронов, Н. Д. Неустроев ааттара норуокка
хаттаан эргийбитэ.
5