Page 4 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 4
туба, литература саҥа хайысхаларын төрүтүнэн буолбуттара,
дьон-сэр гэ олоҕун укулаатыгар, өйүгэр-санаатыгар, майгыты-
гар-сигилитигэр сабыдыаллаабыттара.
Ол түгэнтэн саҥа, түргэн тэтимнээх үйэ саҕаланан, билигин
эһиги Аан дойду барыта силбэһэр, ситимнэнэр, сибээстэһэр
глобализация кэмигэр олороҕут. Оччотооҕу кэмҥэ суруллубут
айымньылары ааҕан, билиҥҥи кэм көрүүтүнэн сыаналыыр,
ырытар, тэҥниир кыахтааххыт. Бу үөрэх дьылыгар ааҕар айым-
ньыларгытын биэс түһүмэҕинэн наардаатыбыт:
1. Саха литературата Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр.
Ытык иэс (1941—1945 сс.).
2. Саха литературатыгар киһи дьылҕата, өйүн ууһун күүһэ
(1950—1970 сс.).
3. Саха литературатыгар олох эргиирэ, киһи анала (1980—
1990 сс.).
4. XXI үйэ литературата.
5. Хотугу норуоттар литературалара.
Бу түһүмэхтэргэ киирбит айымньылары ааҕаргытыгар, тус
бэйэҕит санааҕытын, көрүүгүтүн, толкуйгутун кытыаран, ли-
тература туһунан билиигитигэр олоҕуран ырытыаххытын сөп.
Онуоха өрүү бэйэҕититтэн ыйытар үөрүйэхтэниҥ: бу кэм дьо-
руойа кимий? Кини олоххо, дьоҥҥо сыһыана, сыала-соруга,
майгыта-сигилитэ хайдаҕый? Бу ойууланар кэми билиҥҥи
кэми кытта тэҥнээҥ. Ааспыт олохтон тугу биһирээтигит, тугу
сирдигит? Айымньы дьоруойдара дьоллоохтор дуо? Суруйаач-
чы манан тугу этээри гынарый? Бу айымньы тоҕо суруллубута
буолуой?
Толкуйдаах киһи атын дьон санаатын истэн, сүбэтин ылы -
нан, олохторун көрөн, сыыһаларын өйдөөн, алҕастарын хаты-
лаабакка, этэҥҥэ олорорго кыһаллар. Оттон айымньы дьон
олоҕун, киһи уйулҕатын араас дэгэтин, олох, санаа мөккүөнүн
хоһуйар. Ол иһин уус-уран айымньыны ааҕыҥ, кинигэни
сүбэһит аргыс оҥостуҥ. Бу айымньылар төрөөбүт литерату-
раҕытын эрэ буолбакка атын омук айымньытын өйдөөн ааҕар,
ылынар, ырытар үөрү йэхтэнэргитигэр көмөлөһүөхтэрэ.
Ааптардар
4