Page 6 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 6

— Саха  литературатын  бу  кэминээҕи  сүрүн  ситиһиитинэн
             Эрилик  Эристиин  «Маарыкчаан  ыччаттара»  (1942  с.),  Амма
             Ач чыгы йа  «Сааскы  кэм»  (1944  с.)  диэн  норуот  устуоруйатын
             туһунан  арамааннара,  Суорун  Омоллоон  «Сайсары»  (1943  с.)
             дыраамата бэчээттэниилэрэ буолбута.
                — Бу  кэмҥэ  ордук  хото  гражданскай  лиирикэ,  эпическэй
             хоһоон жанра күүскэ сайдыбыта. Сэрии, үлэ дьоруойдарын, но-
             руоттар  доҕордоһууларын,  олох  кэрэ  идийээллэрин  туһунан

             ча ҕылхай  талааннаах  эдэр  бэйиэттэр  Тимофей  Сметанин,
             Дьуон Дьаҥылы, Илья Чаҕылҕан суруйбуттара.
                — Уус-уран суруйуу — бэйэтэ туспа эйгэ. Айар уобарастара,
             жанрдара,  көрүҥнэрэ,  сэрии  алдьархайыттан  тутулуга  суох,
             салгыы  сайдыахтаах  этэ.  Сэрии  кэмигэр  сүдү  ситиһии  про-
             заҕа  баар  буолбута:  новеллалар,  уочаркалар,  Дмитрий  Таас
             быһылааннаах сэһэнэ уонна үөһэ ааттаммыт икки арамаан күн
             сирин  көрбүттэрэ.  Бу  арамааннар  эпическэй  таһымнарынан,
             саҥа  уобарастарынан,  тутулларынан  саха  литературатын  кэ-
             нэҕэски сайдыытын түстээбиттэрэ.







































               6
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11