Page 141 - Саха тыла 6 кылаас
P. 141

3. Бычков — биһиги пуобарбыт. 4. Кини, бэҕэһээ күнүскү
эбиэтин аҕалан иһэн, улахан иэдээҥҥэ түбэстэ. 5. Тимир
тиэрмэскэ тобус-толору миини сүгэн истэҕинэ, ньиэмэс
сынаайпара ытыалаабыт. 6. Буулдьа тиэрмэһи тобулу
көппүт, ип-итии миин Бычков үрдүгэр тохтубут.

                                                                    (Тимофей Сметанин)

         266. Холобурдарга аат кылааһын ханнык халыыптара
                 көстөрүн ый. Түмүктэ оҥор.

    1. Аат тыл: ас-үөл, уолчаан, кулунчук, атыыһыт, атыы-
лааччы, атыы, атыылаһыы.

    2. Даҕааһын аат: кутталлаах, куттамсах, тыатааҕы, бы-
лыргы, ытырыык, барымтыа, көөҕүнэс, сырдык-хараҥа, сып-
сырдык, сырдык да сырдык, сырдыктан сырдык, сырдыгыан,
сырдыктыҥы, сырдык соҕус.

    3. Ахсаан аат: үс, үһүс, үстүү, үс-түөрт, үһүө, үһүөн, үһүө-
йэх.

    4. Солбуйар аат: ким, ким эрэ, ким эмэ, ким даҕаны.

 267. Нууччалыы суруллар даҕааһын аат сыһыарыытын таба
         суруй. Быһаар.

    Химическ... собуот, филологическ... үөрэх, феде-
ральн... сокуон, медицинск... тиэрмин, педагогичес...
быраактыка, фронтов... ырыа, турбовинтов... сөмөлүөт,
олимпийск... чөмпүйүөн.

 268. Анал ааттары ситэрэн суруй. Таба суруйуу быраабыла-
         тын быһаар.

    1. Средиземн... муора, Индий... акыйаан, Скандинавск...
тумул арыы, Красноярск... куорат, Максим Горьк..., Алек-
сандр Невск..., Дмитрий Донск...

    2. Омск..., Верхоянск..., Депутатск..., Ижевск..., Сим-
бирск.., Павловск...

                                                                                                          141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144