Page 138 - Саха тыла 6 кылаас
P. 138
1. Тиэкис буолар дуо? Дакаастаа.
2. Ханнык саҥа тиибинэн суруллубутуй?
3. Тиэмэтин, сүрүн санаатын быһаар.
4. Тиэкис тутулун, хас кэрчик тиэмэлээҕин, апсааһын ырыт.
Төһө табыллыбыттарый?
5. Этиилэр ситимнэрин быһаар.
6. Тиэкис былаанын оҥор.
260. А.А. Иванов—Күндэ хоһоонуттан быһа тардыыны
туһанан ойуулааһын тиэкиһи суруй:
... Иитиллибит
Ийэ киин дойдум
Сымнаҕас, сылаас,
Сыламнатар сыта-сымара
Испэр-быарбар
Таайан киирэрин
Таптыыбын эбээт, атастаар!..
261. Тиэкис саҕаланыытын аах, тиэмэни хайдах салгыы ары-
йыахха, туох сүрүн санааны этиэххэ сөбүн толкуйдаа.
Ойуулааһын, толкуйдааһын кэрчиги киллэрэн тиэкистэ
суруй.
Бүгүн оппутун кэбиһэн бүтэрээри, сарсыарда эрдэ-
лээн, ходуһабытыгар бардыбыт. Күһүн буолан, от-мас
саһаран, эргиччи сырдаан, сардаҥаран көстөр. Баччаҕа,
күн тахсыыта, хатыҥнары көрөр олус кэрэ эбит. Били
сайынын күп-күөх бэйэлээх тэлибирэс сэбирдэхтэр хайа
эрэ сүҥкэн худуоһунньук соруйан наҕылыйан, бары ууһун
киллэрэн, кыһыл көмүс дуйунан кырааскалаан кэбиспи-
тин курдук, күн уотугар араас өҥүнэн оонньуу, дол-
гуннура хамсыыллар. Манна, арааһа, уонунан араас
кырааска холбоспут. Үчүгэйдик сирийэн көрдөххө, сэ-
бирдэхтэр бары бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат тус-
туспа өҥнөммүттэр.
138