Page 139 - Саха тыла 6 кылаас
P. 139

Хатыҥ, тэтиҥ былаастаах тиит ойууру ааһан, быраҕыл-
лыбыт эргэ өтөх саҕатыгар киирдибит. Арай былыргы дал
оннугар сириэдийэн үүммүт ачаҕа икки куобах мэччийэ
сылдьар. Наҕылыйбыттара, боччумурбуттара сүрдээх. Чу-
гастарыгар куттал суоһуурун билбэт курдук, бэйэ-бэйэ-
лэрин көрсө-көрсө, бэрт эйэлээхтик аһыыллар.

                                                                      (Иннокентий Сосин)

         262. «Үтүө киһи» диэн тиэмэҕэ сэһэргээһин, ойуулаа-
                 һын, тойоннооһун ньымаларын туһанан тиэкистэ
                 оҥор.

         263. Этииттэн даҕааһыннары бул, ураты халыыптары-
                 нан наардаа.

    1. Саха тыла наһаа баай, күүстээх, били этэргэ дылы,
имэҥнээх-илбистээх тыл. 2. Ойуунускай — саха норуо-
тун улуу бэйиэтэ, саха уус-уран тылын бастыҥ маастара.
(Күннүк Уурастыырап) 3. А.А. Күндэ дьиҥнээх төрүт-олох бэ-
йиэт этэ. Биһиги Сахабыт сирин киэҥ-дэлэй айылҕатын,
баай хара тыатын, дэхси-көнө хонуутун, ыраас-чэбдик
уутун эгэлгэ кэрэтик хоһуйбут маҥнайгы биир улахан
бэйиэт. (Амма Аччыгыйа) 4. Уол кыыһы уһуун-уһун өрүүлээх
суһуоҕуттан сиэппитэ. (Софрон Данилов) 5. Үс быраат убай-
дара Мэхээлэ көбүс-көнө уҥуохтаах, бытыга суох уһун
ньолоҕор сирэйдээх, алта уончалаах киһи. 6. Микиитэ-
лээх эбэлэрэ Баһыахтыыр Балбаара — күүстээх-уохтаах,
дохсун эмээхсин. (Амма Аччыгыйа) 7. Онтон таастар быыс-
тарыттан уот кугас эһэ быһаҕаһа тахсан, кып-кыһылынан
чыпчылыйбакка көрөн, айаҕын атан олорбохтоон баран,
икки ытыһынан тааһы кырбыыр, онуоха уот бырдаҥалыыр.

                                                                                                          139
   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144