Page 134 - Саха тыла 6 кылаас
P. 134

Ситимнээх саҥа

                   АРААС ТИИПТЭЭХ ТИЭКИҺИ ОҤОРУУ

 254. Икки тиэкиһи аах, ханна ойуулааһын уонна тойоннооһун
         кэрчик баарын бул, дакаастаа.

                               I. Ыкса ыалбыт

    Быйыл кыһын дьиэбит таһыгар биир тураах кыстаата.
Кини, көр, 60 кыраадыс тымныыны тулуйда. Биһиги тох-
пут аспытын сиэн кыһыны туораата.

    Саас кэлэн тураахпыт саҥарар буолла. «Этэҥҥэ кыс-
таатым» диэн үөрэр буоллаҕа дуу? Тииккэ сохсоллон оло-
рон тула көрүнэр. Онно-манна көтөн, көрөн кэлэр. Ээр-
сэмээр доҕотторун күүтэр быһыылаах.

    Бу тураах итии дойдуга барбакка тоҕо манна кыстаа-
та? Ыалдьан хаалан дуу, эбэтэр кырдьан кыайан барбата
дуу? («Кэскил» хаһыаттан)

                    II. Хатыҥ үөһэттэн саһарбыт

    Балаҕан ыйынааҕы өрөбүл күн. Хаһыа даҕаны буо-
ламмыт Мөҥүрүөн алаастарын тыатыгар отоннуу баран
истибит. Суолбут аара кыра-кыра чоҥолох алааста-
ры кытыыларынан, чараас билии тыалары ортолорунан
уһаты-туора өҕүллэҥниир. Бүгүн былыта суох, чэмэлкэй
күннээх сарсыарда. Бөлүүҥҥү хаһыҥтан кырыарбыт от-
мас сэбирдэхтэриттэн, умнастарыттан, сииктэрэ кууран,
үрүҥ туман бургучуйан тахсар.

    Ханнык эрэ алаас арҕаа бас халдьаайытынан киирэн,
кэккэлэһэ сытар күөллэр билиилэринэн туораан, куула диэ-
ки кууһуннаран истибит. Күлсүү-салсыы, кэпсэтии-ипсэтии
элбэх. Ол быыһыгар соҕотох ботуогураппыт Василий Тихо-
нович массыына нэксиэтиттэн, саҥардыы көтөөрү оҥостум-
мут чыычаах оҕотун курдук, даллараҥныы-даллараҥныы:
«Оҕолоор, көрүҥүтүүй! Ол хатыҥнар наар төбөлөрө эрэ

134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139