Page 129 - Саха тыла 6 кылаас
P. 129
244. Иккис этиигэ ханнык сирэй солбуйар аат көппүтүн ый.
Хос быһаарыы: саха тылыгар иккис этии бастакы
этиини кытта биир туһааннаах буоллаҕына, нуучча
тылын курдук кини солбуйар аат туттуллубат.
I. Байбаллаахха Пират диэн олус өйдөөх ыт баар.
Күнүс ынахтарын биир километрдаах сиргэ баар ойбоҥ-
ҥо үүртэлээн киллэрэн, уулатан таһаарар. Аара биир эмэ
ынах туораары гыннаҕына, суостаах баҕайытык үрэн бар-
гыйан суолугар киллэрэр. Атын ыал ынаҕа көрүстэҕинэ,
үрэн туора үүрэр, онтон ынахтарын салгыы илдьэр.
(Иннокентий Сосин)
II. Билигин күһүн, от хагдарыйан турар, куобах талах
күөх лабаатын кэрбиирин таптыыр. Бу эргин сылдьан та-
лах сытын билиэ. Кэлэн мэҥиэ талахпын сиэҕэ. Онтон
бу лабааны кэбийэн, сохсо иһигэр киириэ уонна албын
лабааҕа тиийиэ...
III. Ол түүн түһээммин тыаны көрөбүн. Тыа иһигэр ма-
ҥан куобах ойуоккалыы сылдьар эбит. Ойор, олоро түһэр,
ойор, эмиэ олоро түһэр, сытырҕаан муннун хамсатар. Та-
лах сытын ылла быһыылаах, биһиги сохсобутугар тиийэн
кэлэр, мэҥиэ лабааны кэрбээн, сыҥааҕа түөрэҥниир...
(Николай Якутскай)
245. Этиигэ наада буолбат сирэй солбуйар ааты көтүтэн аах.
1. Быйыл сайын мин аҕабын кытта от мунньуһабын,
оҕус сиэтэбин. Мин уруккум курдук наар оонньоон эрэ
тахсыбаппын. Үлэҕэ булкуһан, мин сайын ааспытын бил-
бэккэ хаалабын. 2. Арай биирдэ аҕам бултаан кэллэ.
Кини икки маҥан куобаҕы кытта биир улары аҕалбыт.
3. Борбуос түөкүнү маска баайан кэбиһэллэр. Билигин
кини мин уларбын уоран сиэ суоҕа! 4. Учуутал биһигини
чинчийэн эрэргэ дылы көрүтэлиир. Кини чэй иһэн бүтэр,
остуолтан турар.
129