Page 127 - Саха тыла 6 кылаас
P. 127
1. Биир... биэс буолуом суоҕа. 2. Киһи киэнигэр ба-
ҕарыма... киэниттэн матыаҥ. 3. Кур... кубулуйбатах,
эргэ... эмэҕирбэтэх.
24 §. Солбуйар ааты саҥарар
саҥаҕа туттуу
Сирэй солбуйар ааты сөпкө туттуу
• Саха биир киһини көрөн туран эн диэн туһаайара. Би-
лигин нуучча тылын сабыдыалынан, сорох дьон соҕотох
киһини көрөн туран, эһиги диэн туһаайан этэллэр. Итин-
ник саҥарар буоллахха, саха төрүт тылын-өһүн үйэлээх
үгэһин кэһэбит.
• Кини диэн сирэй солбуйар аат саха төрүт тылыгар
киһиэхэ эрэ сыһыаннаан туттуллар этэ. Билигин кини
солбуйар ааты билим (наука), дьыала тылыгар барамайы
эбэтэр көстүүнү бэлиэтииргэ эмиэ туттар буоллулар.
• Өбүгэлэрбит сэһэргииллэригэр маҥнайгы этиигэ ким
туһунан кэпсииллэрин чуолкайдаан баран, иккис этиигэ
кини солбуйар ааты көтүтэр үгэстээхтэрэ.
• Эдэр ыччат эйигин диэн солбуйар ааты сыыһа уһатан
саҥарар-суруйар буолан эрэр. Холобур: Мин эйиигин урук-
куттан көрөн билэбин.
• Кэпсэтии тылыгар, уус-уран айымньыга (холобур,
хоһоон сүһүөҕүн тэҥнээри) миэхэҕэ, эйиэхэҕэ, биһи, эһи
диэн халыыптары тутталлар. Ол саха тылын литератур-
най нуорматыгар киирбэт.
240. Маннык, эн, миэнэ, бу солбуйар ааттары түһүгүнэн
уларыт.
241. Сирэй солбуйар ааты булан, ахсаанын, сирэйин, түһүгүн
быһаар.
1. Эт, арыы наада буолла да, миэхэ кэлиҥ. 2. Мин булан
127