Page 130 - Саха тыла 6 кылаас
P. 130

246. Ускуопка иһиттэн биир сөптөөх тылы талан, этиини си-
         тимнээн уһул. Этиигэ кини солбуйар аат оннугар хан-
         нык тылы туттар табыгастааҕын өйдөөн көр.

    1. Кэҥкэмэ диэн кыракый үрэх баар. (Кини — ол үрэх)
Дьокуускай куораттан олус ырааҕа суох. 2. Күнү быһа
ньуолах түү курдук хаар түстэ. (Кини — маҥан хаар)
биһиги дьиэбитин, мас лабаатын, бүтэй сиэрдийэтин ба-
рытын саба түһэн кэбистэ. 3. Тиийбитим, чааркааммар
кутуруга суох маҥан кыыл иҥнибит. (Кинини — ону) көрөн
наһаа дьиктиргээтим. 4. Сохсону икки синньигэс дүлүҥү
холбоон оҥороллор эбит. (Кинилэр — ол дүлүҥнэр) суон
өттүлэрин хайытан, туора мас кыбыталлар.

           Атын солбуйар ааты сөпкө туттуу

            Саха тылыгар ким диэн солбуйар аат киһини эрэ бэ-
        лиэтиир. Билигин нуучча тылын үтүктэн, атын хамсыыр
        харамайы эмиэ ким диир буоллулар. Ол эмиэ тыл нуор-
        матыттан туорааһын, алҕас буолар.

            Уус-уран айымньыга, кэпсэтии тылыгар туох-ханнык,
        төһө-хачча, хайдах-туох, о.д.а. ханыыласпыт ыйытар сол-
        буйар ааты тутталлар. Кэпсэтии тылыгар бу, ити, итин-
        ник ыйар солбуйар ааты субу, сити, ситинник диэн тут-
        тар үгэс баар.

            Ханнык, хас биирдии диэн солбуйар аат оннугар со-
        рох түбэлтэҕэ атын тыллары туттуохха сөп:

            1) ханнык — хайдах, туох, хайа;
            2) хас биирдии — бары, барыта, ахсын, аайы, ким ба-
        ҕарар, ким барыта.
            Бэйэ диэн солбуйар аат суолтатын саха тылыгар
        тардыы сыһыарыыта биэрэр, ол иһин үгүс этиигэ бэйэ
        диэн тылы көтүтүөххэ сөп: Мин (бэйэм) бырааппар кө-
        мөлөһөбүн. Оҕонньор (бэйэтин) кэпсээнин саҕалаата.
        Ол оннугар бэйэ солбуйар аат этиигэ тугу эрэ чорбо-
        тон, тоһоҕолоон этэргэ туттуллуон сөп: Бэйэлээх бэйэм
        оҕобун бэйэбэр бас биллэрбэккэ, күрүлүүр күнүс был-
        дьаан илдьэ барар буоллахтара ити... Эрдэлиир, кума-
        лаан Эрдэлиир, бэйэлээх бэйэм сирбиттэн холдьоҕон
        эрэҕин дуу? (Амма Аччыгыйа).

130
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135