Page 133 - Саха тыла 6 кылаас
P. 133

сылдьаллар. 3. Бары баһаардар уоттан сэрэнии быраа-
былатын толоостук кэһииттэн таҕыстылар. 4. Көрсүһүү
бүтэригэр бары ветераннарга бэлэх туттардыбыт. 6. Бары
көлүкэни кэрийдим да, биир да куһу көрбөтүм. 7. Бары
ырыалары байаан доҕуһуоллаата.

         252. Ханыыласпыт ыйытар солбуйар ааты соҕотох ты-
                 лынан солбуйан ааҕан көр. Этии туох дэгэтэ сүттэ
                 дии санаатыҥ?

    1. Орто туруу дойдуттан, урааҥхай сахаттан бу Улуу
Кудаҥса обургу алыс аатырда, ордук сураҕырда, албан
аатын ааттаан, суон сураҕын суоллаан, үөлэһин үүтүнэн
өҥөйөн көрүөххүтүн төһө-хачча буолуоҕай? (Былатыан
Ойуунускай) 2. — Ээ, тыаҕа саалана сылдьабын, хара тыа
байанайа тугу эмэ дьоллоорой диэн. Эн, кырдьаҕас, туох-
хайдах сытаҕын? (Николай Неустроев) 3. — Дьэ, көмүһүөм,
тугу-ханныгы дьүүллэһэн эрэллэрий? Ыл, манна олоро
түс, кэпсээ. (Суорун Омоллоон) 4. Туох-ханнык иннинэ до-
рообо буоллун!

         253. Солбуйар ааттары бул, араастарын ый. Кэрчиги
                 ааҕан баран, тус санааҕын эт.

    Мин кими да кытта кэпсэттэхпинэ: «Хайа, эн тугу
биллиҥ, туох сонуннааххын?» — диир оҕонньорбун. Со-
ҕотох киһини көрөн туран, сахалыы «эһиги» диэҕин киһи
тыла тахсыбат. Ону сорох ыччаттарбыт аны «эһигини»
диэни туттар буолан эрэллэр. Мин Лев Толстой «Сэрии
уонна эйэ» диэн эпопеятын тылбаастаабытым. Онно,
холобур, Вронскай уонна Каренин да кэпсэтиилэригэр
«эһиги» диэн тылы туттуохпун санаам буолбата, бары-
тын сахалыы «эн» диэн истим. Хата «эн» диэни бэйэтин
наар улахан буукубаттан суруйдум, ытыктаһыы бэлиэтин
көрдөрөр быһыытынан.

                                                                           (Амма Аччыгыйа)

                                                                                                          133
   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138